Саалтыр 42
42
1Дьүүллээ миигин, Айыы Таҥара, кырдьыкпын таһааран;
көмүскээ Таҥараны билиммэт норуоттан,
өрүһүй албын-көлдьүн, уодаһыннаах киһиттэн.
2Эн буолбаккыан мин дурда-хахха туттар Таҥарам?
Уонна дьэ тоҕо миигин туора анньаҕын?
Тоҕо мин, өстөөххө баттатан, харааста сылдьабын?
3Оо, Бэйэҥ сырдыккын, кырдьыккын миэхэ ыыт;
кинилэр миигин сирдээтиннэр,
Эн сибэтиэй хайаҕар, Эн олорор сиргэр тиэртиннэр.
4Оччоҕо мин Таҥара сиэртибэнньигэр,
дьолум-үөрүүм Таҥаратыгар тиийиэҕим,
арфаны дьүрүһүтэн, Эйигин айхаллыаҕым,
Айыы Таҥара, мин Таҥарам.
5Тоҕо санньыйаҕын, дууһам миэнэ?
Тоҕо айманаҕын?
Таҥараҕа эн эрэн; мин өссө да Кинини айхаллыаҕым,
Быыһааччыбын, Таҥарабын.
ទើបបានជ្រើសរើសហើយ៖
Саалтыр 42: СБК
គំនូសចំណាំ
ចែករំលែក
ចម្លង
ចង់ឱ្យគំនូសពណ៌ដែលបានរក្សាទុករបស់អ្នក មាននៅលើគ្រប់ឧបករណ៍ទាំងអស់មែនទេ? ចុះឈ្មោះប្រើ ឬចុះឈ្មោះចូល
© Институт перевода Библии, 2008-2022

:
គំនូសចំណាំ
ចែករំលែក
ចម្លង
ចង់ឱ្យគំនូសពណ៌ដែលបានរក្សាទុករបស់អ្នក មាននៅលើគ្រប់ឧបករណ៍ទាំងអស់មែនទេ? ចុះឈ្មោះប្រើ ឬចុះឈ្មោះចូល
© Институт перевода Библии, 2008-2022