Саалтыр 22
22
1Давид псалома.
Айыы Тойон – мин Маныыһытым;
тугунан да мин тутайыам суоҕа:
2Кини өҥ мэччирэҥҥэ миигин сынньатар,
чуумпу уулаах сиргэ сирдээн илдьэр.
3Кини куппун-сүрбүн бөҕөргөтөр,
Бэйэтин аатын туһугар
кырдьык ыллыгар салайар.
4Өлүү күлүгэ түспүт толоонунан да бардахпына,
мин хара дьайтан куттаныам суоҕа –
Эн миигинниин бииргэҕин;
Эн тайах маһыҥ уонна сүллүгэһиҥ
миигин уоскуталлар.
5Өстөөхтөрүм көрөллөрүгэр
Эн миэхэ аһылык тартыҥ;
төбөбүн елей арыынан аҕаатыҥ;
миэхэ куппут иһитиҥ таһынан барда.
6Эн үтүө санааҥ, Эн амарах сыһыаныҥ
миигин үйэм тухары арыаллыахтара,
онон мин олоҕум тухары
Айыы Тойон Дьиэтигэр сылдьыаҕым.
ទើបបានជ្រើសរើសហើយ៖
Саалтыр 22: СБК
គំនូសចំណាំ
ចែករំលែក
ចម្លង

ចង់ឱ្យគំនូសពណ៌ដែលបានរក្សាទុករបស់អ្នក មាននៅលើគ្រប់ឧបករណ៍ទាំងអស់មែនទេ? ចុះឈ្មោះប្រើ ឬចុះឈ្មោះចូល
© Институт перевода Библии, 2008-2022