YouVersion Logo
Search Icon

Саалтыр 49

49
1Асаф псалома.
Таҥаралар Таҥаралара, Айыы Тойон, саҥарар –
күн күөрэйэр саҕаҕыттан арҕааҥҥа диэри
Кини сири ыҥырар.
2 Сионтан, эҥкилэ суох кэрэ куораттан,
Таҥара килбиэннээх сырдыга сыдьаайар.
3Биһиги Таҥарабыт тиийэн кэлиэҕэ,
Кини кэлиитэ чуумпу буолуо суоҕа:
иннигэр суостаах уот оргуйуоҕа,
тулатыгар добун буурҕа ытыллыаҕа.
4Норуотун дьүүллүүрүгэр кэрэһит оҥостоору,
Кини үөһэттэн халлааннары уонна сири ыҥырар:
5«Мунньуҥ Миэхэ сибэтиэйдэрбин,
Миигин кытта, сиэртибэ биэрэн, сөбүлэһии түһэрсибиттэри!»
6Айыы Таҥара Бэйэтинэн судьуйалыыр,
ол иһин халлааннар Кини кырдьыктааҕын биллэрэллэр. Села
7«Иһит, норуотум, Мин этэрбин;
Израиль! Мин эйигин утары туоһулуубун.
Мин Таҥарабын, эйиэхэ Таҥараҥ буолабын.
8Сиэртибэ биэрбэккин диэн, эйигин сэмэлиэм суоҕа –
уматан биэрэр бэлэххин өрүү көрөбүн.
9Мин ылыам суоҕа оҕуһу Эн дьиэҕиттэн,
козеллары – тиэргэҥҥиттэн.
10Тыа кыыла барыта – Миэнэ,
тыһыынчанан томторго мэччийэр сүөһү эмиэ – Миэнэ;
11хайаҕа баар көтөрү ааҕа билэбин,
хонууга сылдьар кыыл эмиэ барыта – Миэнэ.
12Аччыгым да буоллар, Мин эйиэхэ этиэм суоҕа этэ –
аан дойду уонна онно баар барыта – Миэнэ.
13Сиирим буолуо дуо Мин оҕус этин,
иһэрим буолуо дуо козел хаанын?
14Махталы эн Таҥараҕа сиэртибэлээ,
Үрдүктэн Үрдүккэ эрэннэрбиккин толор.
15Кыһалҕалаах күҥҥэр Миигин ыҥыр;
Мин эйигин өрүһүйэн ылыаҕым,
оччоҕо эн Миигин айхаллыаҕыҥ».
16Оттон нэгэйгэ Таҥара этэр:
«Тоҕо Мин сокуоннарбын үөрэтэҕин,
тоҕо Мин кэс тылбын эн ырытаҕын?
17Бэйэҥ буоллаҕына Мин үөрэтэрбин абааһы көрөҕүн,
Мин тылбын кэнниҥ диэки эһэн иһэҕин.
18Уоруйаҕы көрдөххүнэ, куодарыһаҕын,
көссүүлэһээччилэри кытта алтыһаҕын.
19Уоһуҥ куһаҕаҥҥа дөбөҥнүк өһүллэр,
тылыҥ албыны кэбэҕэстик тиһэр;
20бырааккын утары тыллаһа олороҕун,
бэйэҥ ийэҥ оҕотун холуннараҕын.
21Эн итинник быһыыланаргын Мин саҥарбат этим,
ол иһин Миигин бэйэм курдук дии санаабыккын.
Дьэ билигин эйигин дьарыйабын,
буруйгун иннигэр ууран биэрэбин.
22Өйдөөҥ маны эһиги, Таҥараны умнааччылар;
эбэтэр, Мин эһигини, хахай курдук, хайа тардыаҕым,
онно эһигини ким да өрүһүйэн ылыа суоҕа.
23Ким Миэхэ махталы сиэртибэлиир, ол Миигин ытыктыыр.
Суолун-ииһин болҕойор киһиэхэ
Мин Таҥара быыһыырын көрдөрүөҕүм».

Currently Selected:

Саалтыр 49: СБК

Highlight

Share

Copy

None

Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in