Уолум! Өскөтүн мин этэрбин ылынан,
кэскиллээх кэс тылбын куккар-сүргэр иҥэрэн,
муударас үөрэҕин өйдөөн-дьүүллээн иһиттэххинэ,
уһуну-киэҥи томоонноон толкуйдаатаххына;
өскөтүн бэйэҕэр билиини-көрүүнү ыҥыран,
өйдүүр өйү-мэйиини көрдөһөн,
муудараһы, үрүҥ көмүһү курдук, дьүлүйэн көрдөөтөххүнэ,
кылааты курдук, кыһаллан була сатаатаххына,
Айыы Тойоҥҥо ытыктабыл диэн тугун толору өйдүөҕүҥ,
Таҥараны билэр киһи буолуоҕуҥ.