Аман өһө 2:1-5
Аман өһө 2:1-5 СБК
Уолум! Өскөтүн мин этэрбин ылынан, кэскиллээх кэс тылбын куккар-сүргэр иҥэрэн, муударас үөрэҕин өйдөөн-дьүүллээн иһиттэххинэ, уһуну-киэҥи томоонноон толкуйдаатаххына; өскөтүн бэйэҕэр билиини-көрүүнү ыҥыран, өйдүүр өйү-мэйиини көрдөһөн, муудараһы, үрүҥ көмүһү курдук, дьүлүйэн көрдөөтөххүнэ, кылааты курдук, кыһаллан була сатаатаххына, Айыы Тойоҥҥо ытыктабыл диэн тугун толору өйдүөҕүҥ, Таҥараны билэр киһи буолуоҕуҥ.





