1
Колосс христианнарыгар 3:13
Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ
СБК
Бэйэ-бэйэҕитин тулуйсуҥ, хайаҕыт эмэ кимиэхэ эмэ хоргуппуттаах да буоллаҕына, бырастыы гынсыҥ: Христос эһигини хайдах бырастыы гыммытай да, эһиги эмиэ ол курдук бырастыы гыныҥ.
Compare
Explore Колосс христианнарыгар 3:13
2
Колосс христианнарыгар 3:2
өйгүт-санааҕыт сирдээҕигэ буолбакка, үөһээҥҥигэ туһуланнын.
Explore Колосс христианнарыгар 3:2
3
Колосс христианнарыгар 3:23-24
Эһиги Айыы Тойон Христоска сулууспалыыгыт, онон төлөбүрүгэр Айыы Тойонтон нэһилиэстибэ ылыахтааххытын өйдөөн, тугу гынаргытын барытын, дьон туһугар буолбакка, Айыы Тойон туһугар оҥоробут диэн, ис дууһаҕытыттан толоруҥ.
Explore Колосс христианнарыгар 3:23-24
4
Колосс христианнарыгар 3:12
Онон эһиги, Таҥара талбыт сибэтиэй, тапталлаах дьоно, амарах майгыланыҥ, үтүө санааланыҥ, сэмэй, көрсүө, тулуурдаах буолуҥ.
Explore Колосс христианнарыгар 3:12
5
Колосс христианнарыгар 3:16-17
Христос тыла бары муудараһы кытта бииргэ эһиги сүрэххитигэр өлгөмнүк олохсуйуохтун; псаломнары, айхал ырыаларын, духуобунай гимнэри Айыы Тойоҥҥо ис сүрэххититтэн махтанан туран ыллаан-туойан, бэйэ-бэйэҕитин үөрэтиһэр-өйдөтүһэр буолуҥ. Тугу да гыммыккыт иһин – тылгыт буоллун, дьайыыгыт буоллун – барыта Кининэн Аҕа Таҥараҕа махтанан туран, Айыы Тойон Иисус Христос аатыгар буолуохтаах.
Explore Колосс христианнарыгар 3:16-17
6
Колосс христианнарыгар 3:14
Итиэннэ туохтааҕар да бу этиллибит өрүттэри барытын ситимниир, ситэрэн биэрэр тапталга дьулуһуҥ.
Explore Колосс христианнарыгар 3:14
7
Колосс христианнарыгар 3:1
Онон өскөтүн эһиги, Христоһу кытта бииргэ тиллибит буоллаххытына, үрдүккэ – Таҥара уҥа өттүгэр олорор Христос Халлааныгар – дьулуһуҥ
Explore Колосс христианнарыгар 3:1
8
Колосс христианнарыгар 3:15
Сүрэххитигэр Таҥара биэрэр эйэтэ толору баһылаатын – Кини эһигини биир Эт-сиин оҥорон эйэлээх буоларга ыҥырбыта. Киниэхэ куруук махтана сылдьыҥ.
Explore Колосс христианнарыгар 3:15
9
Колосс христианнарыгар 3:5
Онон, сирдээҕи аньыылаах өрүттэргитин: содур, кирдээх быһыыны, бары имэҥи-кыдьыгы, куһаҕан баҕа санааны уонна идэмэрдээх буолууну (ол эмэгэккэ сүгүрүйүүгэ холоонноох) – барытын өһөрүҥ.
Explore Колосс христианнарыгар 3:5
10
Колосс христианнарыгар 3:3
Эһиги өлбүккүт, онон олорор олоххут эмиэ Кинини кытары бииргэ Таҥараҕа кистэммитэ.
Explore Колосс христианнарыгар 3:3
11
Колосс христианнарыгар 3:8
Оттон билигин барытын: киҥи-наары, кырыгы, өһүөннээх санааны, үөхсүүнү, быдьар тыллаһыыны хааллараҥҥыт
Explore Колосс христианнарыгар 3:8
12
Колосс христианнарыгар 3:9-10
эргэ киһи киэбин бары кэмэлдьилэри-быһыылары устан быраҕаҥҥыт, бэйэ-бэйэҕитигэр сымыйалаабакка, Айбытын уобараһыгар улам маарыннаан, күнтэн күн саҥардыллан, Таҥараны улам билэн иһэр саҥа киһи буолуҥ.
Explore Колосс христианнарыгар 3:9-10
13
Колосс христианнарыгар 3:19
Эр дьон, кэргэттэргитин таптааҥ, кинилэргэ дьэбирдик сыһыаннаһымаҥ.
Explore Колосс христианнарыгар 3:19
14
Колосс христианнарыгар 3:20
Оҕолор, туохха барытыгар төрөппүттэргит тылын истиҥ, истигэн буолуу Айыы Тойону үөрдэр.
Explore Колосс христианнарыгар 3:20
15
Колосс христианнарыгар 3:18
Дьахталлар, Айыы Тойону итэҕэйэр дьон сиэринэн эргитигэр бас бэриниҥ.
Explore Колосс христианнарыгар 3:18
Home
Bible
Plans
Videos