YouVersion Logo
Search Icon

Саалтыр 86

86
1Корей уолаттарын псалома. Ырыа.
Кини олохтообут куората сибэтиэй хайа үрдүгэр турар.
2 Айыы Тойон Иерусалимы
Иаков хайа да түөлбэтинээҕэр таптыыр.
3Кэрэхсэбиллээх да суол эн тускунан этиллэр,
Таҥара куората! Села
4Миигин билэр норуоттары ааттыырбар
Египеттээх Вавилону эмиэ ааттыаҕым;
Филистия, Тир, Эфиопия дьоно эмиэ:
«Маннык киһи онно төрөөбүтэ», – диэхтэрэ.
5Оттон Сион туһунан этиэхтэрэ:
«Ол да, бу да киһи сибэтиэй хайаҕа төрөөбүттэрэ;
Үрдүктэн Үрдүк Сиону Бэйэтинэн бөҕөргөппүтэ».
6 Айыы Тойон норуоттар биэрэпистэригэр:
«Маннык киһи онно төрөөбүтэ», – диэн суруйуоҕа. Села
7Оччоҕо ырыаһыт да, үҥкүүһүт да барыта этиэҕэ:
«Эн бааргын биһиэхэ бары үтүө төрдө!»

Currently Selected:

Саалтыр 86: СБК

Highlight

Share

Copy

None

Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in