Саалтыр 85
85
1Давид үҥүүтэ.
Болҕойон иһит мин этэрбин, Айыы Тойон, уонна миэхэ хардар;
мин дьадаҥыбын, кыһалҕалаах киһибин.
2Араҥаччылаа олохпун, мин Эйиэхэ бэриниилээхпин;
быыһаан ыл, Айыы Таҥара, Эйиэхэ эрэмньилээх кулуккун.
3Абыраа миигин, Айыы Тойон,
Эйигин мин уһун күнү быһа ыҥырабын.
4Үөрт кулутуҥ дууһатын,
мин дууһам Эйиэхэ үөһэ дьулуһар.
5Үтүө санаалааххын Эн, Айыы Тойон, бырастыы гынаҕын,
Эйигин ыҥырар дьону барытын муҥура суох таптыыгын.
6Иһит, Айыы Тойон, мин үҥэрбин,
болҕой ааттаһар саҥабын.
7Эриирдээх күммэр Эйигин ыҥыран эрэбин,
Эн миигин истиэҕиҥ.
8Ким да суох Эн курдук, Айыы Тойон, таҥаралар ортолоругар,
ким да оҥорор кыаҕа суох Эн оҥороргун.
9Айбыт норуоттарыҥ, бука бары кэлэннэр,
Эн иннигэр нөрүөн нөргүйүөхтэрэ, Айыы Тойон,
Эн ааккын кинилэр айхаллыахтара.
10Эн улуугун, сөҕүмэр дьайыылары оҥороҕун,
Эйигиттэн атын Таҥара суох.
11Үөрэт миигин, Айыы Тойон, Бэйэҥ суолгар,
оччоҕо мин Эн кырдьыккынан сылдьыаҕым;
Эн ааккыттан толлорум курдук, мин сүрэхпин бигэ оҥор.
12Бүтүн сүрэхпинэн Эйигин айхаллыам, Айыы Тойон Таҥарам,
үйэм тухары Эн ааккын уруйдуом.
13Эн миэхэ бигэ тапталыҥ муҥура биллибэт сүдү;
мин дууһабын Эн үтүгэн түгэҕиттэн өрүһүйдүҥ.
14Айыы Таҥара, улуутумсуктар миигин утары өрө турдулар;
баламат дьон, түмсэннэр, олохпор суудайдылар,
кинилэр иннилэригэр Эйигин көрбөттөр.
15Оттон Эн, Айыы Тойон, аһыныгас сүрэхтээх, үтүө санаалаах,
улуу тулуурдаах, муҥурун булларбат бигэ тапталлаах,
эрэбиллээх Таҥараҕын.
16Оо, хайыс миэхэ, миигин абыраа,
кулуккар күүстэ-сэниэтэ салҕаа;
кулут кыыһыҥ уолун быыһаан ыл.
17 Айыы Тойон, үтүө сыһыаныҥ бэлиэтин миэхэ көрдөр;
Эн миэхэ көмөлөспүккүн, уоскулаҥы биэрбиккин көрөннөр,
миигин абааһы көрөөччүлэр сааттыннар.
Currently Selected:
Саалтыр 85: СБК
Highlight
Share
Copy

Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in
© Институт перевода Библии, 2008-2022

:
Highlight
Share
Copy

Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in
© Институт перевода Библии, 2008-2022