Иаков 2
2
Сирэй көрбөх буолууттан сэрэтии
1Бырааттарым! Килбиэннээх Айыы Тойоммутун Иисус Христоһу итэҕэйэр дьон сиэринэн эһиги киһиэхэ барытыгар биир тэҥ үтүө сыһыаннаах буолуҥ. 2Арай мустан олордоххутуна, тарбаҕын аайы кыһыл көмүс биһилэхтээх сиэдэрэй бэйэлээх баай киһи уонна илбирийбит таҥастаах дьадаҥы киһи киирдиннэр. 3Эһиги баайдык таҥныбыт киһини көрөн: «Баһаалыста, манна кэлэн олор», – диэн ыҥыран баран, дьадаҥыга: «Эн антах тур» биитэр «Кэл бэттэх, атаҕым аттыгар олор», – диэтэххитинэ, 4искитигэр араарсыыны таһааран, мөкү судьуйалыы быһыыланаҕыт буолбатах дуо?
5Истиҥ эрэ, таптыыр бырааттарым, Таҥара дьадаҥы дьону – итэҕэлинэн байытаары, Кинини таптыыр дьоҥҥо эрэннэрбит Саарыстыбатыгар киллэрээри – талан ылбыта этэ буолбатах дуо? 6Эһиги буоллаҕына дьадаҥылары сэнээтигит. Баайдар эһигини атаҕастыыллар, суукка биэрэллэр буолбат дуо? 7Эһиги итэҕэйэн ылыммыт үтүөкэн ааккытын баһааҕырдааччылар эмиэ кинилэр буолбатахтар этэ дуо? 8Өскөтүн эһиги Суруйууларга этиллибит «Чугастааҕыгын, бэйэҕин таптыырыҥ курдук, таптаа» диэн үрдүкү сокуону толорор буоллаххытына, үтүө суолу тутуһаҕыт. 9Оттон киһини кимиттэн-тугуттан көрөн сыһыаннаһар буоллаххытына, эһиги аньыыны оҥороҥҥут, Сокуон иннигэр буруйдаах буолан тахсаҕыт. 10Сокуону бүттүүнүн тутуһар эрээри, бииригэр эмэ аньыыны оҥорор киһи барытыгар буруйдаах буолар. 11«Көссүүлэһимэ» диэбит Таҥара «өлөрүмэ» диэн эмиэ эппитэ, онон эн көссүүлэспэт эрээри, өлөрөр түбэлтэҕэр син биир Сокуону кэһэҕин. 12Эһиги тылгыт-өскүт, быһыыгыт-майгыгыт, тугу гынаргыт барыта көҥүл Сокуонунан дьүүллэниэхтээх дьон сиэринэн буолуохтаах. 13Амараҕа суох дьон бэйэлэрэ амараҕа суохтук дьүүллэниэхтэрэ; оттон амарах быһыы дьүүлгэ турбат.
Итэҕэл уонна дьайыы
14Бырааттарыам, итэҕэйэбин диир киһи итэҕэлэ олорор олоҕуттан көстүбэт буоллаҕына, кини итэҕэйбитэ туох көдьүүстээх буолуой? Ол итэҕэлэ кинини өрүһүйүөн сөп дуо? 15Өскөтүн биир итэҕэллээх быраата дуу, балта дуу таҥнар таҥаһа биитэр аһыыр аһа суох буола сылдьалларын көрө-көрө, 16хайаҕыт эмэ «Чэ, эйэни кытта барыҥ, ичигэстик таҥна, үчүгэйдик аһыы-сии сылдьыҥ» диэн баран, аһыылларыгар ас, таҥналларыгар таҥас бэрсибэтэҕинэ, ити эппитэ туох туһалаах буолуой? 17Син ол кэриэтэ итэҕэл эмиэ туох да үтүө дьайыыта суох аҥаардас буоллаҕына – өлбүт итэҕэл.
18Баҕар, ким эрэ: «Сороххо итэҕэйэр кыах, оттон сороххо үтүөнү оҥорор кыах бэриллэр», – диэҕэ. Оччоҕо мин киниэхэ этиэм: «Ол дьайыыта суох итэҕэлгин миэхэ көрдөр, оттон мин итэҕэлбин эйиэхэ олохпунан көрдөрүөм». 19Эн Таҥара биир диэн итэҕэйэҕин. Бэрт сөп, абааһылар эмиэ итэҕэйэллэр, бэл кутталларыттан салыбырас буолаллар. 20Оттон эн, оттомо суох киһи, дьайыыта суох итэҕэл өлбүт#2:20 Өлбүт – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «кураанах». итэҕэл буоларын билиэххин баҕараҕын дуо? 21Өбүгэбит Авраам уолун Исаагы сиэртибэнньиккэ ууран Таҥара биһирэбилин ылбыта буолбат дуо? 22Итэҕэлэ кини дьайыытыгар көмөлөспүтүн, оттон дьайыыта итэҕэлин муҥутуурдук ситэрэн-хоторон биэрбитин эн көрбөккүн дуо? 23Итинэн Суруйууларга этиллибит туолбута: «Авраам Таҥараны итэҕэйбитэ, ол иһин Таҥара кинини кырдьыксыт киһи диэн билиммитэ». Онон Авраам Таҥара доҕорунан ааттаммыта. 24Киһи аҥаардас итэҕэлинэн эрэ буолбакка, дьайыытынан эмиэ быыһанарын көрбөккүт дуо? 25Содур дьахтар Раав эмиэ, чуҥнуу кэлбит Израиль дьонун дьиэтигэр саһыаран баран, атын суолунан куоттаран биэрэн быыһаммыта буолбат дуо? 26Киһи тыына быһыннаҕына, этэ-сиинэ өлүк эрэ буолан хааларын курдук, үтүө дьайыыта суох итэҕэл эмиэ – өлбүт итэҕэл.
Currently Selected:
Иаков 2: СБК
Highlight
Share
Copy

Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in
© Институт перевода Библии, 2008-2022