Еврейдэргэ 5
5
1 Архиерей буоларга дьонтон сүүмэрдэнэн талыллар киһи аньыыны-хараны толуйан, Таҥараҕа бэлэх, сиэртибэ биэрэн, бар дьон туһугар Таҥараҕа сулууспалыырга ананар. 2Кини, бэйэтэ эмиэ мөлтүүр-ахсыыр киһи буолан, билбэт-көрбөт, муна-тэнэ сылдьар дьону аһынар кыахтаах, 3ол иһин норуотун да, бэйэтин да туһугар аньыы толуйан сиэртибэ биэриэхтээх.
4Архиерей буолар үрдүк чиэскэ киһи аҥаардастыы баҕатыйан, талаһан тиксибэт, арай Аарон курдук – Таҥара ыҥырбыт киһитэ эрэ тиксэр.
5Христос эмиэ Архиерей буолар чиэһи Бэйэтинэн көрдөөн ылбыт буолбатах – «Эн Мин Уолум буолаҕын, Мин бүгүн Эйигин төрөттүм» диэбит Таҥара Киниэхэ бу үрдүк солону биэрбитэ. 6Итини тэҥэ Суруйууларга «Эн үйэлэр тухары Мелхиседек курдук Аҕабыыт буолаҕын диэн эмиэ этиллэр». 7Христос өссө сиргэ сылдьан, Кинини өлөр өлүүттэн быыһыыр кыахтаах Таҥара иннигэр туран күүскэ ааттаһан, хараҕын уутун тоҕон, истиҥ ытыктабылынан көрдөһүүтүн ылыннарбыта. 8Төһө да Уола буоллар, Кини эрэйи-муҥу тулуйан туран, Аҕатын көҥүлүн толоро үөрэммитэ; 9итиэннэ ситэн-хотон баран, Кинини истэр дьоҥҥо барыларыгар үйэлэр тухары быыһанар төрүөт буолбута. 10Онон Таҥара Мелхиседегы анаабытын курдук, Кинини эмиэ Архиерейынан анаабыта.
Эҥкилэ суох буоларга ыҥырыы
11Бу туһунан бэрт элбэҕи кэпсэтиэхпитин сөп этэ гынан баран, эһиги истэр дьоҕургутун сүтэрэҥҥит, өйдүүргүт күчүмэҕэй буолбут. 12Күн-дьыл көрдөрөрүнэн, хайыы-үйэ атыттары үөрэтэ сылдьыахтаах этигит гынан баран, билигин бэйэҕитин Таҥара тылын бастакы кэрдиистэригэр хат үөрэтиэххэ наада буолбут; эһиэхэ үүт эрэ аһылык сөптөөх, кытаанах аһы эһиги кыайбаккыт. 13Оттон үүт аһылыктаах ханнык баҕарар киһи, кэм да кыһыл оҕонон сылдьар буолан, кырдьык тылын кыайан арааран өйдөөбөт. 14Өйдөрө-санаалара эрчиллэн, үтүөнү-мөкүнү араара үөрэммит сиппит-хоппут эрэ дьоҥҥо кытаанах ас сөптөөх.
Currently Selected:
Еврейдэргэ 5: СБК
Highlight
Share
Copy
Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in
© Институт перевода Библии, 2008-2022