1
Рим христианнарыгар 6:23
Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ
СБК
Аньыы төлөбүрэ – өлүү, оттон Таҥара бэлэҕэ – Христос Иисус Айыы Тойоммутун кытта биир буолан тиксэр бараммат олохпут.
Jämför
Utforska Рим христианнарыгар 6:23
2
Рим христианнарыгар 6:14
Аньыы аны эһигини салайыа суохтаах: эһиги Сокуон былааһыгар буолбакка, Таҥара илгэлээх үтүөтүн былааһыгар олороҕут.
Utforska Рим христианнарыгар 6:14
3
Рим христианнарыгар 6:4
Онон өлүүгэ сүрэхтэнэн, Кинилиин бииргэ көмүллэммит, Аҕатын килбиэннээх күүһүнэн өлбүттэртэн тиллибит Христос курдук билигин биһиги эмиэ саҥа олоҕу олорор кыахтаахпыт.
Utforska Рим христианнарыгар 6:4
4
Рим христианнарыгар 6:13
Эккитин-сииҥҥин аньыыга ончу туран биэримэҥ, хара дьайга туһаннарымаҥ, ол оннугар өлөн баран тиллибит дьон быһыытынан бэйэҕитин Таҥараҕа туттарыҥ, оччоҕо эккит-сииҥҥит бүтүннүүтэ үтүөнү оҥорон Киниэхэ сулууспалыа.
Utforska Рим христианнарыгар 6:13
5
Рим христианнарыгар 6:6
Эппит-хааммыт араас кыдьыктан босхолонон, аны аньыы-хара кулута буолбаппыт туһугар, биһиги эргэ киһибит Кинини кытта кириэскэ тиириллибитин билэбит
Utforska Рим христианнарыгар 6:6
6
Рим христианнарыгар 6:11
Ол курдук, эһиги эмиэ Христос Иисуһу – Айыы Тойоммутун кытта биир буолаҥҥыт, аньыы туһа кэллэҕинэ, өлбүппүт, Таҥара туһа кэллэҕинэ, тыыннаахпыт дии саныыр буолуҥ.
Utforska Рим христианнарыгар 6:11
7
Рим христианнарыгар 6:1-2
Онон туох диибитий? Таҥара илгэлээх үтүөтэ күүһүрэн истин диэн, эмиэ уруккубут курдук, аньыыбытын ыһыктыбакка сылдьабыт дуо? Олох оннук буолуо суохтаах! Биһиги, өлөн аньыы былааһыттан тахсыбыт дьон, аньыылаах олоҕунан хайаан салгыы олоруохпутуй?
Utforska Рим христианнарыгар 6:1-2
8
Рим христианнарыгар 6:16
Кимиэхэ эмэ баскытын бэринэн, бары этиитин толорорго бэлэм буоллаххытына, кини кулута буоларгытын ама өйдөөбөккүт дуо: эһиги өлүүгэ анньар аньыы кулуттара эбэтэр Таҥараны кытта эйэлэһиннэрэр истигэн буолуу кулуттара буолаҕыт.
Utforska Рим христианнарыгар 6:16
9
Рим христианнарыгар 6:17-18
Хаһан эрэ эһиги аньыы кулуттара этигит, оттон билигин, Таҥараҕа махтал, ылыммыт үөрэххитигэр ис сүрэххитинэн бас бэриннигит, аньыыттан босхолонон, кырдьыктаах быһыы кулуттара буоллугут.
Utforska Рим христианнарыгар 6:17-18
Hem
Bibeln
Läsplaner
Videor