YouVersion Logo
Search Icon

Рим христианнарыгар 5

5
Буруйтан быыһаныы түмүгэ
1Онон итэҕэлбитинэн буруйбутуттан быыһанаммыт, билигин биһиги Айыы Тойоммут Иисус Христос өҥөтүнэн Таҥараны кытта эйэлээхпит. 2Кини биһигини бу билиҥҥи алгыстаах олохпутугар итэҕэл суолунан тиэрдэн, биһиги Таҥара килбиэннээх сырдыгар тиксэр эрэллэммиппитинэн киэн туттабыт. 3Итинэн эрэ буолбатах, эрэй-кыһалҕа тулууру үөскэтэрин билэр буолан, эрэйи көрөрбүтүнэн эмиэ хайҕанабыт. 4Тулуурдаах киһи үөрүйэх буолар, үөрүйэх киһи эрэмньилэнэр, 5оттон эрэмньибит, биһиэхэ бэриллибит Сибэтиэй Тыынынан сүрэхпитигэр Таҥара таптала кутуллар буолан, биһигини кыбыстыыга киллэрбэт.
6Христос, биһиги өссө мөлтөх эрдэхпитинэ, анаммыт кэмигэр аньыылаахтар тустарыгар өлбүтэ. 7Кырдьыксыт да туһугар ким эмэ өлө барара саарбах, арай үтүөнү оҥорторбут киһитин туһугар, биир эмэ киһи өлөргө быһаарыныа эбитэ дуу. 8Оттон Христос биһиги өссө аньыылаах дьон эрдэхпитинэ, биһиги туспутугар өлбүтэ. Итинэн Таҥара биһиэхэ Бэйэтин тапталын көрдөрбүтэ. 9Онон билигин буруйтан-аньыыттан Кини Хаанынан быыһаммыт дьон, биһиги, Таҥара уордаах-кылыннаах дьүүлүттэн эмиэ Кининэн быыһаныахпыт. 10Ол эбэтэр, биһиги, Таҥараҕа өстөөх сылдьыбыт дьон, Кини Уола өлөн Таҥараны кытта эйэлэспит буоллахпытына, билигин Кини Уолун олоҕунан өссө ордук быыһаныахпыт. 11Ол эрээри итинэн эрэ бүппэт: Таҥараны кытта биһигини эйэлэһиннэрбит Айыы Тойоммут Иисус Христос үтүөтүнэн биһиги билигин Таҥаранан киэн туттабыт.
Адам уонна Христос
12Аньыы-хара киһи аймахха биир киһинэн, Адамынан, киирэн, кини аньыытыттан өлөр өлүү баар буолбута, онон дьон барыта аньыыланан, өлүү бар дьоҥҥо барытыгар тарҕаммыта. 13Сокуон инниттэн да бу аан дойдуга аньыы-хара баара гынан баран, Сокуон суоҕар аньыы буруйга турбат этэ. 14Ол да буоллар өлөр өлүү, Адамтан Моисейга диэри кэм усталаах-туоратыгар аҥаардастыы баһылаан, бэл Адам аньыытыгар холоонноох аньыыны оҥорботох дьону бэйэтигэр бас бэриннэрбитэ.
Адам буоллаҕына Атыны, аан дойдуга Кэлиэхтээҕи, сирэйдээн көрдөрөр уобарас буолар. 15Ол эрээри Таҥара бэлэҕин Адам буруйун кытта тэҥниир табыллыбат. Биир киһи буруйуттан элбэх киһи өлбүт буоллаҕына, Таҥара илгэлээх үтүөтэ, биир Киһинэн – Иисус Христоһунан – элбэх киһиэхэ тиксэрбит үтүө бэлэҕэ, хайдахтаах курдук сүҥкэн буолуой! 16Таҥара үтүө бэлэҕин биир киһи аньыытын содулун кытта тэҥниир табыллыбат: ол саҕана соҕотох биир аньыы иһин буруйдуур дьүүл уурааҕа тахсыбыта, оттон билигин Таҥара үтүө бэлэҕэ үгүс буруйу бырастыы гыннарда. 17Өлөр өлүү аҥаардас биир киһи соҕотох буруйунан баһылыыр былааһы ылбыт эбит буоллаҕына, Таҥара буруйтан быыһыыр өлгөм илгэлээх үтүөтүн бэлэх ылбыт дьон эмиэ, биир Иисус Христоһунан Таҥараны кытта бииргэ олоххо баһылыыллара биллэн турар.
18Онон биир киһи буруйунан бүтүн киһи аймах дьүүлгэ турбутунуу, соҕотох биир Киһи кырдьыктаах быһыыта дьону барытын буруйтан быыһаан, олоҕу бэлэхтиир. 19Биир киһи истигэнэ суоҕа элбэх киһини аньыыга тэппитинии, соҕотох биир Киһи истигэнэ элбэх дьону быыһыаҕа.
20Сокуон кэлбитигэр Сокуону кэһии үксүү түспүт буоллаҕына, аньыы үксээбитигэр Таҥара илгэлээх үтүөтэ эмиэ хас эмэ төгүл күүһүрбүтэ, 21онон өлөр өлүү төрүөтэ буолбут аньыы хайдах баһылаабытай да, ол курдук Таҥара илгэлээх үтүөтэ биһигини кырдьыксыт дьон оҥорон, Иисус Христос Айыы Тойоммут көмөтүнэн бараммат олоххо киллэрээри, эмиэ баһылаабыта.

Highlight

Share

Copy

None

Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in