Рим христианнарыгар 16
16
Тус эҕэрдэлэр
1Биир итэҕэллээхпитин, Кенхрея сиэркэбин диакониссатын Фиваны, эһиэхэ мэктиэлиибин. 2Айыы Тойон туһугар кинини итэҕэйээччилэр сиэрдэринэн көрсүҥ, эһиэхэ сылдьан туох эмэ кыһалҕаланнаҕына, кытаатан көмөлөһүҥ. Бэйэтэ эмиэ туох да элбэх киһиэхэ, ол иһигэр миэхэ улаханнык тирэх буолбута.
3Христос Иисуска бииргэ сулууспалыыр доҕотторбор Прискиллалаах Акилаҕа миигиттэн эҕэрдэтэ тиэрдиҥ. 4Кинилэр мин туспар олохторун толук ууралларын да кэрэйбэт этилэр; кинилэргэ мин эрэ буолбатах, омук христианнарын сиэркэптэрэ бары махтаналлар. Кинилэр дьиэтээҕи сиэркэптэригэр эҕэрдэтэ тиэрдиҥ.
5Ахайяҕа Христоһу аан бастакынан итэҕэйбит таптыыр Епенеппэр эҕэрдэ буоллун.
6Биһиги туспутугар бары күүһүн ууран туран үлэлээбит Мариамҥа эҕэрдэ.
7Эҕэрдэтэ тиэрдиҥ миигин кытта хаайыыга бииргэ олорбут аймахтарбар, Апостолларга киэҥник биллэр, өссө мин иннибинэ Христоһу итэҕэйбит Андрониктаах Юнияҕа#16:7 Юнияҕа – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «Юнийга»..
8Эҕэрдэ Айыы Тойон иннигэр таптыыр Амплийбар.
9Эҕэрдэ биһигини кытта бииргэ Христоска сулууспалыыр Урбаҥҥа уонна таптыыр Стахийбар.
10Эҕэрдэ Христос эрэллээх киһитинэн биллибит Апеллеска.
Эҕэрдэ Аристовул дьиэ кэргэттэригэр. 11Эҕэрдэ буоллун аймахпар Иродиоҥҥа уонна Наркисс дьиэ кэргэттэриттэн Айыы Тойону итэҕэйээччилэргэ.
12Эҕэрдэ Айыы Тойон туһугар сулууспалыыр Трифеналаах Трифосаҕа. Эҕэрдэ Айыы Тойон туһугар күүһүн харыстаабакка үлэлээбит күндү доҕорбор Персидаҕа.
13Эҕэрдэ Айыы Тойон талыылааҕа Руфка, миэхэ эмиэ ийэ буолбут кини ийэтигэр.
14Эҕэрдэ Асинкрикка, Флегоҥҥа, Ермҥа, Патровка, Ермийгэ уонна кинилэри кытта баар атын бырааттарбытыгар.
15Эҕэрдэ Филологка, Юлияҕа#16:15 Юлияҕа – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «Юлийга»., Нирейга, кини балтыгар уонна Олимпаҥҥа, итиэннэ кинилэргэ баар сибэтиэйдэргэ барыларыгар.
16Бэйэ-бэйэҕитин сибэтиэй уураһыынан эҕэрдэлэһиҥ. Христос сиэркэптэрэ бары эһиэхэ эҕэрдэ ыыталлар.
17Бырааттарыам, эһигиттэн көрдөһөбүн: үөрэммит үөрэххитин утары баран эһиэхэ хайдыһыыны таһаарар, моһолу үөскэтэр дьонтон сэрэниҥ; кинилэртэн тэйэ туттуҥ. 18Оннуктар Айыы Тойоммутугар Иисус Христоска#16:18 Айыы Тойоммутугар Иисус Христоска – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «Айыы Тойоммутугар Христоска». буолбакка, куртахтарыгар кулут буолаллар, өс-киирбэх дьон сүрэҕин ньуолбар саҥаларынан, уран тылларынан сүүйэллэр. 19Эһиги истигэҥҥитин киһи барыта билэр, онон мин эһигиттэн үөрэбин эрэ; ол эрээри, үтүөнү оҥорорго муударай өйдөөх, мөкүнү оҥорорго муҥур өйдөөх буолуоххутун баҕарабын.
20Эйэ-ил Таҥарата бэрт сотору сатананы атаххыт анныгар сууһарыаҕа. Айыы Тойоммут Иисус Христос#16:20 Айыы Тойоммут Иисус Христос – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «Айыы Тойоммут Иисус». илгэлээх үтүөтэ эһигини эҥээрдэһиэхтин. Аминь.
21Бииргэ сулууспалыыр доҕорбуттан Тимофейтан эҕэрдэтэ тутуҥ; аймахтарым Луций, Иасон уонна Сосипатр эмиэ эҕэрдэлэрин тиэрдэллэр.
22Мин эмиэ, бу суругу суруйбут Тертий, эһиэхэ христианныы эҕэрдэбин ыытабын.
23Миигин да, сиэркэби да дьиэтигэр түмэр Гаий эһиэхэ эҕэрдэтин ыытар.
Куорат казначейа Ераст уонна бырааппыт Кварт эҕэрдэлэрин ыыталлар#16:23Сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга мантан салгыы бу сурук 14:24-26 кэрчигэ киирбит, ол оннугар 16:24 суох..
24Эһигинниин бука барыгытыныын Айыы Тойоммут Иисус Христос илгэлээх үтүөтэ эҥээрдэһиэхтин. Аминь.
Currently Selected:
Рим христианнарыгар 16: СБК
Highlight
Share
Copy

Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in
© Институт перевода Библии, 2008-2022

: