YouVersion Logo
Search Icon

Саалтыр 87

87
1Ырыа. Корей уолаттарын псаломнара. Хуор салайааччытыгар. Духовой инструмент доҕуһуолунан. Еман
Езрахит үөрэтиитэ.
2 Айыы Тойон Таҥара, Быыһааччым миэнэ,
Эйигин ыҥырабын мин түүннэри-күннэри.
3Мин үҥэрим Эйиэхэ тиийиэхтин,
иһит мин энэлийэр саҥабын.
4Эрэй-муҥ дууһабын иэдэтэн,
үтүгэн түгэҕэр түһэрим бу кэллэ.
5Ииҥҥэ түһээччилэр ахсааннарыгар киирсэммин,
мин хантан да көмө кэлбэт киһитэ буоллум;
6өлбүттэр ортолоругар быраҕыллыбыт киһи курдукпун,
өлөрүллэн ииҥҥэ сытааччылар кэриэтэбин, –
Эн кинилэри аны санаабаккын,
көмөлөһөр илиигин кинилэргэ утары ууммаккын.
7Эн миигин дириҥ иин түгэҕэр,
им балай аҥхайга түһэрдиҥ.
8Эн уоруҥ-кылыныҥ миэхэ суоһаата,
Эн бары долгуҥҥун мин үрдүбүнэн ыыттыҥ. Села
9Билэр дьоммун барытын киэр тэйиттиҥ,
кинилэри миигиттэн сиргэнэр оҥордуҥ;
миигин хам хатаатылар, аны мантан тахсар кыаҕым суох;
10сору-муҥу көрөммүн, хараҕым болоордо.
Хас күн аайы, Айыы Тойон, Эйигин ыҥырабын,
икки илиибин Эйиэхэ өрө уунабын.
11Ама, өлбүттэргэ анаан Эн дьиктини оҥоруоҥ дуо?
Биитэр күлүктэр, Эйигин айхаллаары, туруохтара дуу? Села
12Иин иһигэр иһитиннэриэхтэрэ дуо Эн бигэ тапталгын,
биитэр анараа дойдуга – Эн кырдьыккын?
13Им балайга көрүөхтэрэ дуо Эн оҥорор дьиктилэргин,
умнуллуу дойдутугар – Эн абыраллаах көмөҕүн?
14Оттон мин Эйигин ыҥырабын, Айыы Тойон;
мин үҥэрим Эйиэхэ тыҥ хатыыта тиийиэҕэ.
15 Айыы Тойон, тоҕо Эн миигин төттөрү анньаҕын?
Тоҕо миигиттэн киэр хайыһаҕын?
16Эдэр сааспыттан мин эрэйи көрөбүн, өлө сыһабын,
Эн миигин ыардык дьарыйаргыттан сылбам быһынна.
17Мин үрдүбүнэн ааста Эн уоҕуҥ-кылыныҥ барыта,
миигин Эн суоһуҥ-суодалыҥ самнарда.
18Хас күн аайы халаан уута буолан миигин хаайаллар,
бары өттүбүттэн күргүөмүнэн ыгаллар.
19Эн миигиттэн доҕорбун, чугас киһибин тэйиттиҥ,
аргыстарым бука бары им балайга сүттүлэр#87:19 Эбэтэр: хараҥа эрэ баар мин арахсыбат аргыһым. .

Currently Selected:

Саалтыр 87: СБК

Highlight

Share

Copy

None

Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in

Video for Саалтыр 87