YouVersion Logo
Search Icon

Саалтыр 55

55
1Хуор салайааччытыгар. «Кый ыраах баран чуумпурбут холууп» матыыбынан. Давид ырыата. Филистимляннар кинини Геф куоракка тутан ылбыттарыгар.
2Абыраа, Айыы Таҥара, киһи мэҥиэстээри хаайар,
хас күн аайы үрдүбэр түһэн кыһарыйар.
3Өстөөхтөрүм күн да аайы тыыннаахтыы ыйыстыах курдуктар;
үгүстэр миигин утары өрө турдулар.
4Оо, Үрдүктэн Үрдүкү, миэхэ куттал суоһаатаҕына,
Эйиэхэ мин эрэнэбин.
5Таҥараҕа – Кини тылыгар айхал этэбин, –
Таҥараҕа эрэнэбин, куттаммаппын;
муҥур үйэлээх миэхэ тугу оҥоруой?
6Кинилэр хайа да күн мин этэрбин токурута сатыыллар,
куһаҕаны эрэ миэхэ саныыллар.
7Миигин утары куомсуктаһаллар,
саһа сылдьан тыыммар тиийээри,
хас хардыыбын манаһаллар.
8Ама иэстэбилтэн куотуохтара дуо маннык хара дьайдаахтар?
Айыы Таҥара, уордайан, норуоттары сууһартаа.
9Мин атах балай сырыым барыта Эйиэхэ ааҕыллан турар;
көмүскэм уутун эмиэ иһиккэр кутан ис, –
ити барыта Эн кинигэҕэр бэлиэтэммитэ буолбаат?
10Эйигин ыҥырдым да,
өстөөхтөрүм чугуйан бараллар.
Таҥара мин диэки, ону мин билэбин.
11Таҥараҕа – Кини тылын айхаллыыбын,
Айыы Тойоҥҥо – Кини тылын уруйдуубун, –
12Таҥараҕа мин эрэнэбин, куттаммаппын;
киһи миэхэ тугу оҥоруой?
13Андаҕарбын мин толоруох тустаахпын, Айыы Таҥара;
мин Эйиэхэ махтал сиэртибэтин биэриэм.
14Мин өрүү Таҥара аттыгар,
олох сырдыгар, сылдьарым туһугар,
Эн дууһабын өлөртөн өрүһүйдүҥ,
бүдүрүйэн эрдэхпинэ миигин өйөөтүҥ.

Currently Selected:

Саалтыр 55: СБК

Highlight

Share

Copy

None

Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in