YouVersion Logo
Search Icon

Саалтыр 137

137
1Давид псалома.
Айхал этэбин Эйиэхэ, Айыы Тойон, бүтүн сүрэхпинэн,
таҥаралар иннилэригэр Эйиэхэ ыллыыбын;
2Эн Бэйэҥ тылгын хайа да ааккынааҕар үрдэппитиҥ иһин,
сибэтиэй Храмыҥ иннигэр тураммын, Эйиэхэ сүгүрүйэбин,
бигэ тапталыҥ, кырдьыгыҥ иһин, Эн ааккар айхал этэбин.
3Эйигин ыҥырбыт күммэр миэхэ хардаран,
Эн сүргэбин көтөхтүҥ, куппун-сүрбүн бөҕөргөттүҥ.
4 Айыы Тойон, Эн этэргин иһиттэхтэринэ,
сир бары ыраахтааҕылара Эйигин айхаллыахтара.
5Таҥара сүдү килбиэннээҕин иһин,
кинилэр Айыы Тойон суолларын ыллыахтара.
6 Айыы Тойон үрдүк: Кини кыраны-хараны көрөр,
бэрдимсиги ыраахтан билэр.
7Төһө да мин кутталлаах сиринэн сырыттарбын,
Эн миигин өстөөхтөрүм өһөгөйдөрүттэн көмүскүүгүн,
илиигин миэхэ утары уунаҥҥын,
миигин уҥа илиигинэн өрүһүйэн ылаҕын.
8 Айыы Тойон эрэннэрбитин мин туспар толоруоҕа;
Эн бигэ тапталыҥ, Айыы Тойон, – үйэлэр тухары.
Бэйэҥ илииҥ оҥоһугун хаалларыма.

Currently Selected:

Саалтыр 137: СБК

Highlight

Share

Copy

None

Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in