YouVersion Logo
Search Icon

Саалтыр 126

126
1Дабайыы ырыата. Соломон псалома.
Айыы Тойон дьиэни тутуспат буоллаҕына,
тутааччылар ону дьүгээр туталлар.
Айыы Тойон куораты харыстаабат буоллаҕына,
харабыллар ону халтайга манаан тураллар.
2Халтайга эһиги эрдэ тураҕыт,
хойукка диэри олороҕут,
хараастан олорон аһыыгыт;
Кини таптыыр киһитигэр утуйар ууну биэрэр.
3Оҕо – Айыы Тойон аныыр бэлэҕэ;
оҕо – Кини биэрэр наҕараадата.
4Сэрииһит тутан турар оноҕосторо –
аҕа эдэр сааһыгар төрөппүт уолаттара.
5Ким саадаҕар толору оноҕостоох, ол дьоллоох.
Куорат ааныгар#126:5 Куорат аанын аттыгар дьон-сэргэ тоҕуоруйан, дьыаланы-куолуну быһаарсар, кэпсэтэр-ипсэтэр аһаҕас сирэ баара. утарсааччыларын кытта кэпсэтэригэр,
кини кыбыстыыга киириэ суоҕа.

Currently Selected:

Саалтыр 126: СБК

Highlight

Share

Copy

None

Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in

Video for Саалтыр 126