Саалтыр 119
119
1Дабайыы ырыата.
Кутурҕаҥҥа ылларан Айыы Тойону ыҥырбыппар,
Кини миигин иһиттэ.
2 Айыы Тойон, миигин өрүһүйэн ыл
сымыйаччылартан, албын тыллаахтан.
3Тугунан Кини эйиэхэ төлүөҕэй,
тугунан өссө ситиһиэҕэй,
албын-көлдьүн тыллаах?
4Күүстээх сэрииһит сытыы оҕунан,
кыһыл чохтоох оноҕоһунан.
5Муҥум эбит бу Мосох аттыгар,
Кидар#119:5 Мосох уонна Кидар олохтоохторо дьиикэй, ньүдьү-балай быһыыларынан биллэллэрэ.
отууларын аттыларыгар олохсуйбутум!
6Эйэни абааһы көрөөччүлэри кытта
мин аһары өр бииргэ олордум.
7Мин эйэ-дэмнээхпин;
оттон кинилэр, саҥарыам эрэ кэрэх,
сэриигэ суудайаллар.
Currently Selected:
Саалтыр 119: СБК
Highlight
Share
Copy

Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in
© Институт перевода Библии, 2008-2022