YouVersion Logo
Search Icon

Саалтыр 101

101
1Эрэйи-муҥу көрбүт киһи, санаата түһэн, Айыы Тойоҥҥо дууһатын арыйар үҥүүтэ.
2 Айыы Тойон, иһит мин үҥэрбин;
мин энэлийэр саҥам Эйиэхэ тиийиэхтин.
3Эриирдээх күммэр миигиттэн киэр хайыһыма,
мин этэрбин болҕойон иһит;
Эйигин ыҥырбыт күммэр түргэнник хардар.
4Күннэрим буруо курдук сүтэллэр,
хардаҕас уҥуохтарым уотунан умайаллар.
5Сүрэҕим охсуллубут оттуу куурда-хатта,
онон килиэппин сиирбин да умнар буоллум.
6Улаханнык ынчыктыырбыттан
уҥуохтаах тириим эрэ хаалла.
7Мин иччитэх сири кэрийэр мэкчиргэ кэриэтэ,
урусхал үрдүгэр олорор модьугу кэриэтэ буоллум.
8Утуйар уум ончу кэлбэт;
мин дьиэ үрдүгэр олорор соҕотох көтөр курдукпун.
9Өстөөхтөрүм уһун күнү быһа күлүү гыналлар,
миигин ыыстааччылар мин ааппын кырыыска тутталлар.
10-11Эн миэхэ абараҥҥын, Эн уордайаҥҥын,
мин килиэби курдук, күлү сиир буоллум,
иһэр утахпар көмүскэм уутун булкуйдум.
Эн миигин, өрө таһааран баран, аллара бырахтыҥ.
12Күннэрим киэһээҥҥи күлүктүү күлүҥнээн ааһаллар;
мин от курдук иинэ хаттым.
13Оттон Эн, Айыы Тойон, үйэлэр тухары бааргын#101:13 Эбэтэр: үйэлэр тухары бүрүстүөлгэ олороҕун. ,
Эн аатыҥ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ барар.
14Эн, тураҥҥын, Сиоҥҥа амарахтык сыһыаннаһыаҕыҥ;
кинини аһынар кэмиҥ кэллэ,
кэм-кэрдии уолдьаста.
15Кулуттарыҥ кини таастарын да күндүтүк саныыллар,
кини быылын-буорун кытта аһыйаллар.
16Норуоттар Айыы Тойон аатыттан куттаныахтара,
сир ыраахтааҕылара бары Эн килбиэҥҥиттэн саллыахтара.
17 Айыы Тойон Сиону чөлүгэр түһэриэҕэ,
кэрэмэн килбиэнин киниэхэ көрдөрүөҕэ.
18Кини көмүскэлэ суохтар үҥэллэрин истиэҕэ,
кинилэр көрдөһүүлэрин сэниэ суоҕа.
19Кэлэр көлүөнэлэр Айыы Тойону айхаллыылларын туһугар,
кэнэҕэс ыччакка анаан бу туһунан суруллуоҕа:
20-21хаайыылаахтар ынчыктарын истээри,
өлөргө анаммыттары босхолоору,
Айыы Тойон үөһээҥҥи сибэтиэй Дьиэтиттэн аллара көрдө,
халлааннартан сири өҥөйдө.
22-23Онон, Айыы Тойоҥҥо сүгүрүйээри,
бары норуоттар, саарыстыбалар муһуннахтарына,
Сионтан Айыы Тойон аатын иһитиннэриэхтэрэ,
Иерусалимтан Кинини айхаллыахтара.
24Кини мин күүспүн-сэниэбин суолум ортотугар эстэ,
күммүн-дьылбын сарбыйда.
25«Оо, Айыы Таҥарам! – диэтим мин. –
Күөгэйэр күммэр олохпун былдьаама.
Күнүҥ-дьылыҥ Эйиэнэ бараммат –
көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бара турар».
26Былыр-былыр Эн сири олохтообутуҥ,
халлаан эмиэ – Эн уран тарбаҕыҥ оҥоһуга.
27Сир-халлаан сүтүөҕэ, оттон Эн куруук баар буолуоҥ;
барыта таҥас курдук эргэриэҕэ,
ону Эн ардах сонун курдук уларытыаҕыҥ,
оччоҕо суола суох сүтүөхтэрэ.
28Оттон Эн өрүү бииргин, уларыйбаккын,
Эн үллэр үйэҥ муҥурдаммат.
29Эн кулуттарыҥ уолаттара куттала суох олоруохтара,
кинилэр ыччаттара куруук Эн иннигэр сылдьыахтара.

Currently Selected:

Саалтыр 101: СБК

Highlight

Share

Copy

None

Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in