Колосс христианнарыгар 4
4
1Тойоттор, эһиги халлааҥҥа Тойоннооххутун билэ сылдьан, кулуттаргытыгар эмиэ сиэрдээхтик, кырдьыктаахтык сыһыаннаһыҥ.
Ыйыы-кэрдии
2Үҥэргитигэр өрүү махтанан туран, тиһигин быспакка сэргэхтик үҥэр буолуҥ. 3Христос кистэлэҥин бар дьоҥҥо иһитиннэрэр кыахтанарбытыгар, этэр тылбытыгар Таҥара ааны тэлэччи аһан биэрэрин көрдөһөн, биһиги туспутугар эмиэ үҥэ сылдьыҥ. Бу туһугар үлэлээбитим-хамнаабытым иһин, мин билигин хаайыллан сытабын; 4онон бу кистэлэҥи, Таҥара тыла хайдах иһитиннэриллиэхтээҕин курдук, арыйарым туһугар, үҥэ-көрдөһө сылдьыҥ.
5Итэҕэйбэт дьоҥҥо муударайдык, тоҕоостоох түгэни табатык туһанан сыһыаннаһыҥ. 6Хас биирдии киһиэхэ хайдах хоруйдууру билэр туһугар, этэр тылгыт өрүүтүн ис киирбэх, бэргэн буоллун.
Түмүк эҕэрдэлэр
7Эһиэхэ мин туспунан барытын таптыыр бырааппыт, эрэллээх үлэһиппит, Айыы Тойоҥҥо бииргэ сулууспалыыр доҕорбут Тихик кэпсиэҕэ. 8Эһиги хайдах быһыыга-майгыга олороргутун тиийэн биллин#4:8 Эһиги хайдах быһыыга-майгыга олороргутун тиийэн биллин – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «биһиги хайдах быһыыга-майгыга олорорбутун тиийэн эһиэхэ иһитиннэрдин»., санааҕытын көтөхтүн диэн, кинини эһиэхэ ыытан эрэбин. 9Эһигиттэн кэлэ сылдьар таптыыр бырааппытын эрэллээх Онисимы кинини кытта бииргэ ыытабын. Маннааҕыны барытын эһиэхэ кинилэр кэпсиэхтэрэ.
10Миигин кытары бииргэ хааллан сытар Аристарх эһиэхэ эҕэрдэтин ыытар; Варнава сиэн быраата Марк эмиэ эһигини эҕэрдэлиир (кини туһунан эһиэхэ дьаһал тиийэн турар; эһиэхэ кэллэҕинэ, үчүгэйдик көрсөөрүҥ). 11Иуст диэн ааттаах Иисус эмиэ эҕэрдэ ыытар. Иудейдартан бу кинилэр эрэ, миигинниин бииргэ Таҥара Саарыстыбатын туһугар сулууспалааннар, миэхэ улахан өйөбүл буолаллар. 12Эһиэннэриттэн Епафрас, Иисус Христос кулута, эһиэхэ эҕэрдэтин ыытар. Эһиги бары өттүнэн ситэн-хотон, Таҥара көҥүлүн хото толорор дьон буолан, сүһүөххүтүгэр бигэтик тураргыт туһугар, кини өрүү туруулаһан туран үҥэр. 13Эһиги итиэннэ Лаодикиялаах Иерапольга олорооччулар тустарыгар кини хайдах курдук кыһалларын-мүһэллэрин туоһута мин буолабын. 14Эһиэхэ таптыыр эмчиппит Лука эҕэрдэтин ыытар; Димастан эмиэ эҕэрдэтэ тутуҥ. 15Лаодикияҕа баар бырааттарбытыгар, Нимфаҥҥа уонна кини дьиэтээҕи сиэркэбигэр эҕэрдэтэ тиэрдиҥ. 16Бу суругу аахтаххытына, Лаодикия сиэркэбигэр эмиэ аахтараарыҥ, оттон Лаодикияттан кэлбити эһиги эмиэ ааҕаарыҥ. 17Архипка: «Кытаат, Айыы Тойонтон ылбыт соруккун толор», – диэн этиҥ.
18Аны бу бэйэм суруйан эрэбин: Павелтан эҕэрдэ. Хаайыыга сытарбын өйдүү сылдьыҥ. Таҥара илгэлээх үтүөтэ эһигинниин бука барыгытыныын эҥээрдэһиэхтин. Аминь#4:18 Барыгытыныын – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыл суох. Аминь – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыл суох..
Currently Selected:
Колосс христианнарыгар 4: СБК
Highlight
Share
Copy

Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in
© Институт перевода Библии, 2008-2022

: