1 Коринф христианнарыгар 15
15
Христос тиллиитэ
1Билигин, бырааттарым, мин эһиэхэ бэйэм иһитиннэрбит Евангелиебын санатыахпын баҕарабын. Эһиги бу Евангелиены ылынан, олоххут халбаҥнаабат бөҕө тирэҕэ оҥостубуккут, 2эмиэ бу Евангелиенан, мин эһиэхэ үөрэппиппин чиҥник тутуһар буоллаххытына, быыһанаҕыт; оттон тутуспат буоллаххытына, – ол аата эһиги кураанахха итэҕэйбиккит.
3Бастатан туран, мин эһиэхэ бэйэм тугу ылыммыппын тиэрдибитим: Суруйууларга эрдэттэн этиллибитин курдук, Христос биһиги буруйбутун-аньыыбытын боруостаары өлбүтүн, 4эмиэ Суруйууларга эрдэттэн этиллибитин курдук, Кини хараллан баран үһүс күнүгэр тиллибитин, 5уонна бастаан Кифаҕа, онтон Уон Иккиэлэргэ, 6онтон биир кэмҥэ биэс сүүстэн тахса бырааттарга көстүбүтүн (олортон үксүлэрэ билигин тыыннаахтар, сорохторо уһун ууларыгар утуйбуттара), 7ол кэнниттэн Иаковка уонна бары Апостолларга көстүбүтүн, 8онтон барыларын кэнниттэн миэхэ – ханнык эрэ итэҕэс төрүөххэ көстүбүтүн туһунан эһиэхэ тиэрдибитим. 9Мин Апостоллартан барыларыттан саамай дуона суохтарабын, Таҥара Сиэркэбин сойуолаабыт буоламмын Апостол ааттанарым да сөбө суох. 10Ол эрээри Таҥара илгэлээх үтүөтүнэн бүгүн мин Апостол буола сылдьабын. Кини миэхэ биэрбит үтүө дьоҕура кураанахха хаалбатаҕа, мин кинилэрдээҕэр хайаларынааҕар да элбэхтик үлэлээбитим; ити гынан баран ол мин буолбатах, Таҥара илгэлээх үтүө күүһэ миигин кытта бииргэ үлэлээбитэ. 11Онон, мин да буолуум, кинилэр да буоллуннар, биһиги маннык үөрэтэбит, эһиги эмиэ маны итэҕэйбиккит.
Өлбүттэр тиллиилэрэ
12Биһиги Христос өлөн баран тиллибитин туһунан иһитиннэрэ-кэпсии сырыттахпытына, хайдах эһигиттэн сорох дьон өлбүттэр тиллибэттэр диэн этэр буолалларый? 13Өскөтө өлбүттэр тиллибэт эбит буоллахтарына, ол аата Христос эмиэ тиллибэтэх, 14оттон Христос тиллибэтэх буоллаҕына, ол аата биһиги сымыйа сураҕы иһитиннэрэбит, ол аата эһиги эмиэ халтайга итэҕэйэҕит#15:14 Эһиги эмиэ халтайга итэҕэйэҕит – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «биһиги эмиэ халтайга итэҕэйэбит».. 15Өлбүттэр тиллибэт буоллахтарына, биһиги Таҥара туһунан, Кини отой да тилиннэрбэтэх Христоһун тилиннэрбитэ диэн туоһулааммыт, сымыйа туоһулар буолан тахсабыт. 16Өлбүттэр тиллибэт буоллахтарына, ол аата Христос эмиэ тиллибэтэх, 17оттон Христос тиллибэтэх буоллаҕына, ол аата эһиги суоҕу итэҕэйэҕит: эһиги өссө даҕаны буруйгутун-аньыыгытын сүкпүтүнэн сылдьаҕыт. 18Оччотугар Христоска итэҕэллэрин ыһыктыбакка эрэ өлбүттэр эмиэ суорума суолламмыттар. 19Биһиги эмиэ бу олохпутугар эрэ Христоска эрэнэр буоллахпытына, ол аата кимнээҕэр да дьоло суох дьоммут.
20Ол эрээри Христос өлбүттэртэн тиллибитэ, уһун ууларын утуйбуттартан аан бастакынан турбута. 21Тоҕо диэтэххэ, киһиттэн сылтаан өлөр өлүү кэлбит буоллаҕына, ол курдук эмиэ өлбүттэр Киһиттэн сылтаан тиллиэхтэрэ. 22Адамҥа кытыктаахтар бары өлөллөрүн курдук, Христоска кытыктаахтар бары тиллиэхтэрэ. 23Хас биирдии киһи бэйэтин тустаах кэмигэр тиллиэҕэ: аан бастакынан Христос тиллибитэ, онтон Кини кэллэҕинэ, Христос дьоно тиллиэхтэрэ. 24Дьэ онтон Кини Саарыстыбатын Аҕатыгар – Таҥараҕа – туттардаҕына, бары дьаһалтаны, бары былааһы, дьайар күүһү самнардаҕына, бүтэр уһук тиийэн кэлиэҕэ. 25Таҥара Кини өстөөхтөрүн барыларын атаҕын анныгар самнаран биэриэр диэри Христос ыраахтааҕылыахтаах. 26Онтон бүтэһик өстөөх, өлөр өлүү, бахтайыаҕа, 27тоҕо диэтэххэ, Таҥара баары бүттүүнүн Христоска бас бэриннэрэн атаҕын анныгар ууран биэрбитэ. Баары барытын Киниэхэ бас бэриннэрдэ диэн суруллубут буоллаҕына, ол аата барыны бары Киниэхэ Бэриннэрээччиттэн ураты барыта бас бэриммитэ дьэҥкэтик өйдөнөр. 28Оттон Таҥара баары бүттүүнүн Киниэхэ бас бэриннэрдэҕинэ, оччоҕо аны Уола Бэйэтэ эмиэ баары бүттүүнүн Киниэхэ Бэриннэрээччигэ бас бэриниэҕэ, оччоҕо Таҥара бар дьоҥҥо барытыгар барытынан буолуоҕа.
29Онтон атын эбитэ буоллар, өлбүттэр тустарыгар дьон тоҕо сүрэхтэниэ этилэрэй? Өлбүттэр букатын тиллибэт буоллахтарына, оччотугар өлбүттэр тустарыгар туох инниттэн сүрэхтэнэллэрий? 30Оччотугар биһиги эмиэ туох иһин чаас аайытын алдьархай айаҕын өҥөйөбүтүй? 31Бэйэм туспунан эттэххэ, өлүү айаҕын күн аайы өҥөйөбүн. Бу туһунан, бырааттарыам, Айыы Тойоммут Христос Иисус иннигэр эһигинэн киэн туттар үөрүүбүнэн туоһулуубун. 32Киһи сиэринэн толкуйдаатахха, өлбүттэр тиллибэт буоллахтарына, мин Эфескэ адьырҕа кыыллары кытта охсуһаммын тугу туһаммыппыный? «Сарсын өлүөхпүт турдаҕа, онон кытаатан аһаан-иһэн хаалыаҕыҥ!» Оннук дуо? 33Албыҥҥа киирэн биэримэҥ! «Куһаҕан доҕоттордуун куодарыстахха, хаарыан быһыы-майгы сатарыйар»#15:33Грек суруйааччыта Менандр «Таис» диэн комедиятыттан (б. э. иннинээҕи 3 үйэ).. 34Онон өйгүтүн-төйгүтүн булунан, аньыыны оҥороргутун тохтотуҥ. Баҕар, саатыаххыт да буоллар, этэбин: эһигиттэн сороххут Таҥараны билбэт.
Саҥа эппит-сииммит хайдах буолуой?
35Ол гынан баран ким эмэ: «Өлбүттэр хайдах тиллиэхтэрэй? Тилиннэхтэринэ, хайдах эттээх-сииннээх кэлиэхтэрэй?» – диэн ыйытыа. 36Оо, толкуйа суох! Ыһар сиэмэҥ, өлбөтөҕүнэ, тиллиэ суоҕа буолбаат? 37Ыһаргар эн бүтүн үүнээйини буолбакка, сыгынньах туорааҕы, сэлиэһинэйи дуу, атын туорааҕы дуу ыһаҕын, 38ол эрээри Таҥара ол сиэмэни хайдах баҕарарынан эттиир-сиинниир, хас биирдии сиэмэҕэ туспа эти-сиини биэрэр. 39Хамныыр харамай этэ-сиинэ барыта атылыы буолбатах: киһи этэ-сиинэ туһунан, сүөһү этэ-сиинэ туһунан, балык киэнэ туһунан, көтөр киэнэ эмиэ туһунан. 40Халлаан эттиктэрэ бааллар, сир эттиктэрэ эмиэ бааллар: ол эрээри халлаан эттиктэрин килбиэнэ туспа, сир эттиктэрин килбиэнэ – эмиэ туһунан. 41Күн килбиэннээх сырдыга туһунан, ый килбиэннээх сырдыга туһунан, сулустар киэннэрэ эмиэ туһунаннар; сулус даҕаны атын сулустартан кэрэ көстүүтүнэн уратылаах буолар.
42Өлбүттэр тиллэллэригэр эмиэ ол курдук буолуоҕа: өлөн-сүтэн буорга угуллар – өлбөт-сүппэт аналлаах туран кэлэр; 43буорайан-буомтуйан буорга угуллар – албан аатыран туран кэлэр; мөлтөөн-ахсаан буорга угуллар – күүһүрэн-уоҕуран туран кэлэр; 44эт-хаан айылҕалаах эттик буорга угуллар – духуобунай эттик туран кэлэр. Эт-хаан айылҕалаах эттик да баар, духуобунай эттик да баар. 45Суруйууларга «бастакы киһи Адам тыыннаах дууһа буолбута» диэн суруллубута, оттон бүтэһик Адам олоҕу биэрэр тыын буолар. 46Ол эрээри духуобунай хаһан да урутаабат, маҥнай эт-хаан айылҕалаах кэлэр, ол эрэ кэнниттэн духуобунай кэлиэхтээх. 47Бастакы киһи сирдээҕи буолан сир-буор састааптааҕа; оттон иккис киһи – халлаантан кэлбит Айыы Тойон#15:47 Айыы Тойон – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыл суох.. 48Сиртэн-буортан турар киһи хайдах этэй да, сирдээҕилэр эмиэ оннуктар; Халлаантан кэлбит хайдаҕый да, халлааннааҕылар эмиэ оннуктар; 49хайдах биһиги сирдээҕи киһи мөссүөнэ мөссүөннээх этибитий да, соннук эмиэ Халлааннааҕы мөссүөнүн ылыныахпыт.
50Ол гынан баран, бырааттарым, мин эһиэхэ манныгы этиэм: эттэн-хаантан турар сирдээҕи киһи хайдах да Таҥара Саарыстыбатыгар тиксибэт, өлөр оҥоһуулаах хайдах да өлбөт оҥоһуулаахха кытыктаммат. 51-52Эһиэхэ кистэлэҥи этэбин: биһиги бука бары өлөр буолбатахпыт#15:51-52 Бука бары өлөр буолбатахпыт – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «биһиги бука бары өлүөхпүт, ол гынан баран бука бары уларыйар буолбатахпыт»., ол гынан баран, бүтэһик турба тыаһаатаҕына, эмискэ чыпчылҕан түгэнигэр бука бары дьүһүн уларыйыахпыт, тоҕо диэтэргит, ол турба тыаһаатын кытта өлбүттэр тиллэн туран кэлиэхтэрэ, оттон биһиги дьүһүн уларыйыахпыт. 53Ол аата биһиги кэхтэр оҥоһуулаах айылҕабыт кэхтибэт айылҕаҕа кубулуйуохтаах, өлөр оҥоһуулаах айылҕабыт өлбөт-сүппэт оҥоһуулаах айылҕаҕа кубулуйуохтаах. 54Оттон кэхтэр оҥоһуулаах кэхтибэт аналлаахха, муҥур үйэлээх бараммат үйэлээххэ кубулуйдаҕына, «Өлөр өлүү кыайтарда! Кыайыы күнэ үүннэ!» диэн суруллубут туолуо. 55«Өлөр өлүү! Ханна баарый эн өргөһүҥ? Үтүгэн түгэҕэ! Ханна баарый эн кыайыыҥ?»#15:55Сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «Өлөр өлүү! Ханна баарый эн кыайыыҥ? Өлөр өлүү! Ханна баарый эн өргөһүҥ?» эбэтэр «Үтүгэн түгэҕэ! Ханна баарый эн өргөһүҥ?»
56Өлөр өлүү өргөһө – аньыы-буруй; оттон аньыы Сокуонтан тэптэн күүһүрбүтэ. 57Махтал буолуохтун Айыы Тойоммутунан Иисус Христоһунан биһиэхэ кыайыыны бэлэхтээбит Таҥараҕа!
58Онон, таптыыр бырааттарым, тулхадыйбат тууралаах чиҥ буолуҥ, уҥа-хаҥас халбаҥнаамаҥ; Айыы Тойоҥҥо кураанахха сулууспалаабаккытын билэн туран, Айыы Тойон дьыалатыгар мэлдьи хотуулаах буолуҥ.
Currently Selected:
1 Коринф христианнарыгар 15: СБК
Highlight
Share
Copy

Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in
© Институт перевода Библии, 2008-2022

: