1
Арыллыы 8:1
Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ
СБК
Бараан Оҕото сэттис бэчээти төлөрүппүтүгэр халлаан чаас аҥаарын кэриҥэ им-дьим буола иһийэн хаалбыта.
Compare
Explore Арыллыы 8:1
2
Арыллыы 8:7
Бастакы Аанньал турбатын үрбүтүгэр хаан булкаастаах уоттаах тобурах сиргэ түһэн, мас үс гыммыт биирэ хара хоруонан көрбүтэ, үүнэн турбут күөх от бүтүннүү умайбыта.
Explore Арыллыы 8:7
3
Арыллыы 8:13
Онтон көрдөхпүнэ, халлаан хабайар хаба ортотунан биир Аанньал көтөн иһэн: «Субу турбатын үрүөхтээх үс атын Аанньал турбата тыаһаатаҕына, сир үрдүгэр олорооччуларга сор-муҥ, сор-муҥ, сор-муҥ буолуо!» – диэн саҥаран сатарыппыта.
Explore Арыллыы 8:13
4
Арыллыы 8:8
Иккис Аанньал турбатын үрбүтүгэр сүдү улахан хайа курдук туох эрэ умайан күүдэпчилэммитинэн муораҕа сууллан, муора үс гыммыт биирэ хааҥҥа кубулуйбута
Explore Арыллыы 8:8
5
Арыллыы 8:10-11
Үһүс Аанньал турбатын үрбүтүгэр халлаантан сүүнэ улахан сындыыс сулус, умайа сылдьар уот курдук, өрүстэр үс гыммыт биирдэригэр уонна сир тымырыгар түспүтэ. Бу сулус аата Сытыган Эрбэһин диэн; уу үс гыммыт биирэ аһыйан, ону иһэн элбэх киһи өлбүтэ.
Explore Арыллыы 8:10-11
6
Арыллыы 8:12
Төрдүс Аанньал турбатын үрбүтүгэр күн үс гыммыт биирэ, ый үс гыммыт биирэ, сулустар үс гыммыт биирдэрэ эмсэҕэлээн, үс гыммыт биирдэрэ хараара өлбүтэ; уһун күн үс гыммыт биирин тухары сырдык суох буолбута, түүн эмиэ биир оннуга.
Explore Арыллыы 8:12
Home
Bible
Plans
Videos