1
Арыллыы 3:20
Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ
СБК
Бу кэлэн ааҥҥытын тоҥсуйа турабын; ким Мин саҥабын истэн аанын аспыкка дьиэтигэр киирэммин, киэһээҥҥи аһылыгар олорсуом, кини эмиэ Миигин кытта бииргэ олорсуо.
Compare
Explore Арыллыы 3:20
2
Арыллыы 3:15-16
эн бары дьайыыгын билэбин: эн тымныыта да, итиитэ да суоххун. Оо, арай тымныы дуу, итии дуу эбитиҥ буоллар! Ону баара сылааскын эрэ, итиитэ да, тымныыта да суоххун, онон Мин эйигин уоспуттан төлө ыһан таһаарыам.
Explore Арыллыы 3:15-16
3
Арыллыы 3:19
Таптыыр дьоммун, итэҕэстэрин көрдөрөн туран, дьарыйабын, онон дьаныардаах буол, аньыыгын билин.
Explore Арыллыы 3:19
4
Арыллыы 3:8
Эн бары дьайыыгын билэбин; көр бу, Мин эйиэхэ ааны тэлэччи астым, ким да бу ааны төттөрү сабар кыаҕа суох; күүһүҥ кыра да буоллар, Мин этэр тылбын тутустуҥ, Мин ааппыттан аккаастамматыҥ.
Explore Арыллыы 3:8
5
Арыллыы 3:21
Кыайыылааҕы Бэйэбин кытта бүрүстүөлбэр олордуом; Мин кыайан-хотон Аҕабын кытта, Аҕам бүрүстүөлүгэр олорбутум курдук, кыайыылаах эмиэ Миигинниин бииргэ олорсуо.
Explore Арыллыы 3:21
6
Арыллыы 3:17
„Баайбын, дэлэйдик олоробун, аны туохпунан да тутайбаппын“, – дэнэҕин даҕаны, дьиҥэр, дьоло суоххун, муҥнааххын, дьадаҥыгын, хараҕа суоххун, сыгынньаххын билбэккин.
Explore Арыллыы 3:17
7
Арыллыы 3:10
Тулуурдаах буол диэн эппиппин толорбутуҥ иһин, сир үрдүгэр олорооччулары барыларын тургутаары, бүтүн аан дойдуга ааҥнаан кэлэр ыарахан кэмҥэ Мин эйигин араҥаччылыам.
Explore Арыллыы 3:10
8
Арыллыы 3:11
Көр бу, Мин сотору кэлиэм; онон ким да эйигиттэн мэнньиэскин мүччү туттаран ылбатын туһугар, туох баардааххын ыһыктыма.
Explore Арыллыы 3:11
9
Арыллыы 3:2
Мин көрдөхпүнэ, эн суолуҥ-ииһиҥ Таҥарам иннигэр эҥкилэ суох буолбатах эбит. Онон уһугун, туох ордон хаалбытын ситэри өлө илигинэ, бөҕөргөт.
Explore Арыллыы 3:2
Home
Bible
Plans
Videos