1
Саалтыр 95:6-7
Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ
СБК
Кини тулата – кэрэмэн килбиэн, сүдү көстүү; Кини сибэтиэй Дьиэтин иһэ – сүҥкэн күүс, кэрэ дьүһүлгэн. Айхаллааҥ Айыы Тойону, норуоттар уустара, айхаллааҥ Айыы Тойон кэрэмэн килбиэнин, улуу кыаҕын.
Compare
Explore Саалтыр 95:6-7
2
Саалтыр 95:1-2
Ыллааҥ Айыы Тойоҥҥо саҥа ырыаны; ыллаа Айыы Тойоҥҥо, сир үрдэ бүттүүнэ. Ыллааҥ Айыы Тойоҥҥо, алҕааҥ Кини аатын; күн аайы иһитиннэриҥ Кини биһигини быыһаабытын.
Explore Саалтыр 95:1-2
3
Саалтыр 95:3
Биллэриҥ норуоттарга Кини кэрэмэн килбиэнин, бары омуктарга – Кини оҥорор эҥин дьиктитин.
Explore Саалтыр 95:3
4
Саалтыр 95:4
Айыы Тойон улуу, онон улуу айхал Киниэхэ ананыахтаах; Кини хайа да таҥаратааҕар ытыктаныахтаах.
Explore Саалтыр 95:4
Home
Bible
Plans
Videos