1
Саалтыр 142:5
Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ
СБК
Былыргы күннэри мин өйдөөн кэлэбин; Эн дьайыыларгын анааран, биһиэхэ тугу оҥорбуккун барытын эргитэ саныыбын.
Compare
Explore Саалтыр 142:5
2
Саалтыр 142:7
Оо, хардара оҕус миэхэ, Айыы Тойон, мин тыыным-быарым кылгаата; миигиттэн киэр хайыһыма, Эн киэр хайыстаххына, мин бэйэбин өлбүттүү сананыаҕым.
Explore Саалтыр 142:7
3
Саалтыр 142:3
Өстөөх, миигин сонордоон, сиргэ-буорга тэпсэн эрэр, былыр өлбүт дьоннуу им балайга олордор.
Explore Саалтыр 142:3
4
Саалтыр 142:1
Айыы Тойон, иһит мин Эйиэхэ үҥэрбин, болҕой ааттаһар саҥабын, эрэбиллээх, кырдьыктаах Бэйэҥ миэхэ хардар.
Explore Саалтыр 142:1
5
Саалтыр 142:6
Эйиэхэ мин икки илиибин өрө уунабын; дууһам куура хаппыт сир курдук, Эйигин кэтэһэр. Села
Explore Саалтыр 142:6
Home
Bible
Plans
Videos