Ной кэмигэр хайдах этэй да, Киһи Уола кэлэригэр эмиэ оннук буолуоҕа. Улуу мотуок иннинэ, Ной аалыгар киириэр диэри, дьон аһыыллара-сииллэрэ, ойох ылаллара, эргэ бараллара; улуу мотуок кэлэн барыларын имири эһиэр диэри, кинилэр тугу да сэрэйбэтэхтэрэ. Киһи Уола кэлиитигэр эмиэ оннук буолуоҕа.