Саалтыр 92
92
1 Айыы Тойон – Ыраахтааҕы; Кини сүдү килбиэни таҥныбыт;
Айыы Тойон сүдү килбиэни таҥныбыт, күүһү-уоҕу курдаммыт,
ол иһин сир-халлаан бигэ, тулхадыйыа суоҕа.
2Эн бүрүстүөлүҥ былыр-былыргыттан турар;
Эн үйэлэр иннилэриттэн бааргын.
3Өрүстэр куоластара, Айыы Тойон,
өрүстэр куоластара өрө эҥсиллэр,
өрүстэр сүүрүктэрэ өрө түллэр.
4Улахан уу ньиргиэрдээх тыаһынааҕар,
байҕал балысхан баалынааҕар,
үөһэ баар Айыы Тойон ордук күүстээх!
5Эн туоһулуур кырдьыгыҥ бигэттэн бигэ;
Эн Дьиэҥ, Айыы Тойон, үйэлэр тухары сибэтиэй.
Iliyochaguliwa sasa
Саалтыр 92: СБК
Kuonyesha
Shirikisha
Nakili

Je, ungependa vivutio vyako vihifadhiwe kwenye vifaa vyako vyote? Jisajili au ingia
© Институт перевода Библии, 2008-2022