Саалтыр 142
142
1Давид псалома.
Айыы Тойон, иһит мин Эйиэхэ үҥэрбин,
болҕой ааттаһар саҥабын,
эрэбиллээх, кырдьыктаах Бэйэҥ миэхэ хардар.
2Кулуккун дьүүлгэ тардыма:
ким да суох бу сиргэ Эн иннигэр буруйа суох.
3Өстөөх, миигин сонордоон, сиргэ-буорга тэпсэн эрэр,
былыр өлбүт дьоннуу им балайга олордор.
4Онтон мин санаам түһэр, сүрэҕим айманар.
5Былыргы күннэри мин өйдөөн кэлэбин;
Эн дьайыыларгын анааран,
биһиэхэ тугу оҥорбуккун барытын эргитэ саныыбын.
6Эйиэхэ мин икки илиибин өрө уунабын;
дууһам куура хаппыт сир курдук, Эйигин кэтэһэр. Села
7Оо, хардара оҕус миэхэ, Айыы Тойон,
мин тыыным-быарым кылгаата;
миигиттэн киэр хайыһыма,
Эн киэр хайыстаххына,
мин бэйэбин өлбүттүү сананыаҕым.
8Сарсыарда эрдэттэн иһитиннэр миэхэ бигэ тапталгын,
Эйиэхэ мин эрэнэбин.
Ыйан биэр дуу хайа суолунан барарбын –
дууһам Эйиэхэ үөһэ дьулуһар.
9Өстөөхтөрбүттэн миигин өрүһүй, Айыы Тойон, –
мин Эйиэхэ көмө көрдөһө кэллим.
10Көҥүлгүн толорорго миигин үөрэт,
Эн буолаҕын мин Таҥарам.
Эн үтүө Тыыныҥ миигин дэхси суолунан сирдээтин.
11Бэйэҥ аатыҥ туһугар, Айыы Тойон, олохпун быыһаа,
кырдьыктаах көмөҕүнэн кыһалҕаттан таһаар.
12Көмүскэллээх санааҕыттан өстөөхтөрбүн имири эс,
мин дууһабын абааһы көрөөччүлэри суох оҥортоо;
Эн кулутуҥ буолабын эбээт мин.
Iliyochaguliwa sasa
Саалтыр 142: СБК
Kuonyesha
Shirikisha
Nakili

Je, ungependa vivutio vyako vihifadhiwe kwenye vifaa vyako vyote? Jisajili au ingia
© Институт перевода Библии, 2008-2022