Саалтыр 141
141
1Давид үөрэтиитэ. Хайа хаспаҕар сылдьан үҥүүтэ.
Куолаһым муҥунан мин Айыы Тойону ыҥырдым,
куолаһым муҥунан Айыы Тойонтон ааттастым.
2Кыһалҕабын Киниэхэ кэпсээтим,
курус санаабын Киниэхэ арыйдым.
3Эр санаам энчириир кэмигэр
Эн билэриҥ мин сылдьар ыллыкпын.
Кэлэр-барар суолбар кинилэр миэхэ,
кистээн, угаайы оҥорбуттар.
4Уҥа өттүбүн көрөбүн:
ким да миигин билиммэт;
куотар сирим миэхэ суох буолбут,
ким да мин туспар кыһаммат.
5Эйигин мин ыҥырдым, Айыы Тойон,
Эйиэхэ эттим: «Эн буолаҕын мин бигэ тирэҕим,
бу тыыннаахтар сирдэригэр аналым!
6Иһит мин энэлгэммин: мин олох эһинним.
Күөмчүһүттэртэн миигин өрүһүй –
кинилэр миигиннээҕэр күүстээхтэр.
7Эн ааккын албан аатырдыахпын,
миигин хаайыыттан таһаар.
Эн миэхэ үтүөтүк сыһыаннастаххына,
тулабар көнө дьон мустуохтара».
Iliyochaguliwa sasa
Саалтыр 141: СБК
Kuonyesha
Shirikisha
Nakili

Je, ungependa vivutio vyako vihifadhiwe kwenye vifaa vyako vyote? Jisajili au ingia
© Институт перевода Библии, 2008-2022
Саалтыр 141
141
1Давид үөрэтиитэ. Хайа хаспаҕар сылдьан үҥүүтэ.
Куолаһым муҥунан мин Айыы Тойону ыҥырдым,
куолаһым муҥунан Айыы Тойонтон ааттастым.
2Кыһалҕабын Киниэхэ кэпсээтим,
курус санаабын Киниэхэ арыйдым.
3Эр санаам энчириир кэмигэр
Эн билэриҥ мин сылдьар ыллыкпын.
Кэлэр-барар суолбар кинилэр миэхэ,
кистээн, угаайы оҥорбуттар.
4Уҥа өттүбүн көрөбүн:
ким да миигин билиммэт;
куотар сирим миэхэ суох буолбут,
ким да мин туспар кыһаммат.
5Эйигин мин ыҥырдым, Айыы Тойон,
Эйиэхэ эттим: «Эн буолаҕын мин бигэ тирэҕим,
бу тыыннаахтар сирдэригэр аналым!
6Иһит мин энэлгэммин: мин олох эһинним.
Күөмчүһүттэртэн миигин өрүһүй –
кинилэр миигиннээҕэр күүстээхтэр.
7Эн ааккын албан аатырдыахпын,
миигин хаайыыттан таһаар.
Эн миэхэ үтүөтүк сыһыаннастаххына,
тулабар көнө дьон мустуохтара».
Iliyochaguliwa sasa
:
Kuonyesha
Shirikisha
Nakili

Je, ungependa vivutio vyako vihifadhiwe kwenye vifaa vyako vyote? Jisajili au ingia
© Институт перевода Библии, 2008-2022