Саалтыр 130
130
1Дабайыы ырыата. Давид киэнэ.
Айыы Тойон, мин сүрэхпэр бэрдимсийэр санаам суоҕа,
үтүөмсүйэн да харахпын өрө көрбөтөҕүм,
санаам тиийбэт улуутугар тардыспатаҕым.
2Ийэтин эмиийиттэн араарыллыбыт оҕолуу,
мин дууһабын чуумпурдан уоскутарым;
эмиийиттэн араарыллыбыт оҕо курдуга
испэр мин дууһам.
3Израиль, Айыы Тойоҥҥо эн эрэн
аны мантан инньэ үйэлэр тухары.
Iliyochaguliwa sasa
Саалтыр 130: СБК
Kuonyesha
Shirikisha
Nakili

Je, ungependa vivutio vyako vihifadhiwe kwenye vifaa vyako vyote? Jisajili au ingia
© Институт перевода Библии, 2008-2022