Chapa ya Youversion
Ikoni ya Utafutaji

Саалтыр 129

129
1Дабайыы ырыата.
Муҥур уһук дириҥ түгэҕиттэн
Эйигин ыҥырабын, Айыы Тойон.
2Оо, Айыы Тойон, иһит мин саҥабын,
болҕой мин ааттаһарбын.
3 Айыы Тойон, Эн буруйу-сэмэни бэлиэтээн истэххинэ,
ким ону тулуйуой, Айыы Тойон?
4Ол эрэн, Эйигин дириҥник ытыктыылларын туһугар,
Эн буруйу бырастыы гынаҕын.
5 Айыы Тойону мин кэтэһэбин,
дууһам Кинини кэтэһэр,
Кини тылыгар мин эрэнэбин;
6харабыл сарсыарданы күүтэринээҕэр,
харабыл халлаан сырдыырын кэтэһэринээҕэр,
мин дууһам Айыы Тойону ордук кэтэһэр.
7Израиль, Айыы Тойоҥҥо эн эрэн;
Айыы Тойон бигэ тапталлаах,
Кини эйигин толуйар улуу кыахтаах.
8Кини Израилы толуйан ылыаҕа,
бары аньыытыттан-буруйуттан быыһыаҕа.

Iliyochaguliwa sasa

Саалтыр 129: СБК

Kuonyesha

Shirikisha

Nakili

None

Je, ungependa vivutio vyako vihifadhiwe kwenye vifaa vyako vyote? Jisajili au ingia