Chapa ya Youversion
Ikoni ya Utafutaji

Саалтыр 121

121
1Дабайыы ырыата. Давид псалома.
Оо, онно мин үөрбүппүн эриэхсит –
Айыы Тойон Дьиэтигэр барыахха диэбиттэригэр!
2Дьэ, бу кэлэн турабыт, Иерусалим,
эн олбуоруҥ ааныгар.
3Иерусалим – биир ньыгыл сомоҕо буолардыы
тутуллан тахсыбыт куорат.
4Аҕа уустара, Айыы Тойон норуотун аҕаларын уустара,
Израиль сокуонунан, Айыы Тойон аатын айхаллыы,
хайаны дабайан, бу куоракка кэлэллэр.
5Манна бааллар дьүүллүүр бүрүстүөллэр,
Давид дьиэтин бүрүстүөллэрэ.
6Эйэтэ көрдөһүҥ Иерусалимҥа:
«Дьол-соргу тосхойдун Эйигин таптыыр дьоҥҥо!
7Эн эркиннэргиттэн эйэ тэйбэтин,
эн кириэппэстэргэр куттал суоһаабатын».
8Аймах-билэ дьонум, доҕотторум тустарыгар этэбин:
«Эйиэхэ эйэ чэчирээтин!»
9 Айыы Тойон Таҥарабыт Дьиэтин туһугар
мин эйиэхэ үтүөнү баҕарабын.

Iliyochaguliwa sasa

Саалтыр 121: СБК

Kuonyesha

Shirikisha

Nakili

None

Je, ungependa vivutio vyako vihifadhiwe kwenye vifaa vyako vyote? Jisajili au ingia