Саалтыр 138
138
1Хуор салайааччытыгар. Давид псалома.
2 Айыы Тойон, Эн миигин тургутан көрөҥҥүн билэҕин.
Эн билэҕин мин турар да, олорор да кэммин,
саныыр санаабын ыраахтан өйдүүгүн.
3Баран иһэбин дуу, сынньана олоробун дуу,
миигин, ытыска уурбуттуу, көрөҕүн,
суолбун-ииспин бүтүннүү анаараҕын.
4Этэр тылым өссө үөскүү илигинэ, Айыы Тойон,
Эн ол тылы эндэппэккэ билэҕин.
5Эн миигин бары өттүбүттэн тулалыыгын,
күүстээх илиигинэн араҥаччылыыгын.
6Дьикти да буоллаҕа миэхэ Эн тугу барытын билэриҥ,
үрдүк да буоллаҕа, мин ону ситэн өйдүүр кыаҕым суох!
7Ханна барыамый Эн Тыыҥҥыттан?
Ханна куотуомуй Эйигиттэн?
8Халлааҥҥа тахсыам дуу – онно Эн бааргын;
үтүгэн түгэҕэр түһүөм дуу – онно эмиэ Эн бааргын.
9Сарыал кынаттарын ыламмын,
байҕал уҥуор көһүөм дуу,
10онно эмиэ Эн илииҥ миигин сирдиэ,
онно эмиэ Эн уҥа илииҥ миигин сиэтиэ.
11Этиэм дуу, баҕар, хараҥа миигин саһыарыа диэн,
сырдык мин тулабар түүҥҥэ кубулуйуо диэн;
12хараҥа да Эйиэхэ хараҥата суох,
түүн да сырдык, күнүскү курдук:
хараҥа да, сырдык да Эйиэхэ биир тэҥнэр.
13Эн мындырдаан оҥорбутуҥ мин ис өттүбүн,
ийэм иһигэр миигин Эн таҥан өрбүтүҥ.
14Айхал этэбин Эйиэхэ –
Эн миигин сөҕүмэр дьиктитик айбыккын.
Дьикти да буоллахтара Эн дьайыыларыҥ!
Мин дууһам ону толору өйдүүр.
15Кистэлэҥҥэ айыллар кэммэр,
сир түгэҕэр үөскүүр түгэммэр
мин уҥуоҕум чэрчитэ Эйигиттэн кистэммэтэҕэ.
16Өссө үөскэх эрэ эрдэхпинэ, миигин Эн хараҕыҥ көрөрө;
өссө биир да күнүм суох эрдэҕинэ
ыйаахтаах күнүм-дьылым барыта
Эн кинигэҕэр суруллан сылдьара.
17Үрдүк да буоллахтара миэхэ Эн санааларыҥ, Айыы Таҥара,
үтүмэн да буоллахтара!
18Ахсааннарын ааҕыам иһин, муора кумаҕынааҕар элбэхтэр.
Сарсыарда уһуктарбар мин өссө да Эйигинниин бииргэбин.
19Оо, Айыы Таҥара, Эн хара дьайдаахтары сууһарарыҥ буоллар!
Киэр бараллара буоллар миигиттэн хааҥҥа суудайааччылар –
20Эйигин утары өһүөннээхтик тыллаһааччылар,
Эйигин утары нэгэйдик өрө турааччылар.
21Хайдах абааһы көрүөм суоҕай, Айыы Тойон,
Эйигин абааһы көрөөччүлэри?
Хайдах мин сиргэниэм суоҕай
Эйигин утары өрө турааччылартан?
22Ис сүрэхпиттэн мин кинилэри абааһы көрөбүн,
кинилэр миэхэ өстөөхтөрүм буолаллар.
23Иҥэн-тоҥон көр, Айыы Таҥара, бил мин сүрэхпин;
чинчийэн көр миигин, өйбүн-санаабын бил.
24Көр, баҕар, мин кутталлаах суолунан иһэрим буолуо,
оччоҕо миигин мэҥэ суолга салайан биэр.
Iliyochaguliwa sasa
Саалтыр 138: СБК
Kuonyesha
Shirikisha
Nakili

Je, ungependa vivutio vyako vihifadhiwe kwenye vifaa vyako vyote? Jisajili au ingia
© Институт перевода Библии, 2008-2022

:
Kuonyesha
Shirikisha
Nakili

Je, ungependa vivutio vyako vihifadhiwe kwenye vifaa vyako vyote? Jisajili au ingia
© Институт перевода Библии, 2008-2022