Chapa ya Youversion
Ikoni ya Utafutaji

Саалтыр 136

136
1 Вавилон өрүстэрин үрдүлэригэр олороммут,
биһиги, Сиону санааммыт, ытаһарбыт.
2Ол онно иирэ талахтар быыстарыгар
арфаларбытын кистии ыйаабыппыт.
3Онно биһигини билиэн ылбыттар,
ыллааҥ дии-дии, ыххайаллара,
биһигини күөмчүлээччилэр көрү-нары ирдииллэрэ,
«Сион ырыаларыттан иһитиннэриҥ!» – дииллэрэ.
4Хайдах биһиги, туора дойдуга сылдьаммыт,
Айыы Тойон ырыатын ыллыахпытый?
5Эйигин умнар күннээх буоллахпына, Иерусалим,
уҥа илиим такыччы хатыахтын.
6Эйигин өрүү өйдүү-саныы сылдьыбатахпына,
Иерусалим миэхэ үөрүүм өрөгөйө буолбатаҕына,
тылым таҥалайбар хам сыстыахтын.
7Санат, Айыы Тойон, Едом уолаттарыгар
Иерусалим сууллубут күнүн,
хайдах кинилэр ол күн:
«Үрэйиҥ! Үрэйиҥ! Төрдүттэн эһиҥ!» – дэспиттэрин.
8Вавилон кыыһа үрэйиэхсит!
Дьоллоох да буолуоҕа – эн биһиэхэ оҥорбуккун
бэйэҕэр толору төлүүр киһи!
9Дьоллоох да буолуоҕа – эн кыра оҕолоргун
тааска үлтү сабыыр киһи!

Iliyochaguliwa sasa

Саалтыр 136: СБК

Kuonyesha

Shirikisha

Nakili

None

Je, ungependa vivutio vyako vihifadhiwe kwenye vifaa vyako vyote? Jisajili au ingia