Саалтыр 132
132
1Дабайыы ырыата. Давид киэнэ.
Үчүгэй да, үөрүүлээх да буоллаҕа
бырааттыылар бииргэ олороллоро!
2Ол Аарон баһыттан сулардыы бытыгар,
сулардыы бытыгыттан таҥаһын саҕатыгар
сүүрэр күндү елей арыыга холоонноох.
3Ол Сион хайаларыгар өлгөмнүк түһэр
Ермон хайатын сиигэр холоонноох.
Айыы Тойон алгыһы, бараммат олоҕу
онно Сион үрдүгэр эрэннэрбитэ.
Iliyochaguliwa sasa
Саалтыр 132: СБК
Kuonyesha
Shirikisha
Nakili

Je, ungependa vivutio vyako vihifadhiwe kwenye vifaa vyako vyote? Jisajili au ingia
© Институт перевода Библии, 2008-2022