Chapa ya Youversion
Ikoni ya Utafutaji

Саалтыр 13

13
1Хуор салайааччытыгар. Давид псалома.
Өйө суохтар истэригэр
«Таҥара суох» дии саныыллар;
бары сатарыйбыттар, сидьиҥник быһыыланаллар;
үтүөнү оҥорор киһи ким да суох.
2Биир эмэ өйдөөҕү-төйдөөҕү,
Таҥараны көрдөөччүнү булан көрөөрү,
Айыы Тойон халлаантан киһи аймаҕы анаарар.
3Бары суолтан туораабыттар,
бары туһаларыттан тахсыбыттар;
үтүөнү оҥорор киһи суох, биир да суох.
4Ама өйдөнүөхтэрэ суоҕа дуо буруйу оҥорооччулар,
мин норуоппун килиэптии мэҥиэстээччилэр,
Айыы Тойону ыҥыран көрбөт дьон бука бары?
5Таҥара көнө дьону кытта сылдьарын иһин,
кинилэр онно улуу кутталга ылларыахтара.
6Эһиги дьадаҥы эрэлин күлэҕит эрээри,
кинини Айыы Тойон көмүскүүр.
7Оо, Сионтан Израильга быыһабыл кэлэрэ буоллар!
Айыы Тойон норуотун билиэнтэн төнүннэрдэҕинэ,
Иаков үөрүөҕэ-көтүөҕэ, Израиль өрөгөйө үрдүөҕэ.

Iliyochaguliwa sasa

Саалтыр 13: СБК

Kuonyesha

Shirikisha

Nakili

None

Je, ungependa vivutio vyako vihifadhiwe kwenye vifaa vyako vyote? Jisajili au ingia