Chapa ya Youversion
Ikoni ya Utafutaji

Саалтыр 112

112
1Аллилуия.
Айхаллааҥ, Айыы Тойон кулуттара,
айхаллааҥ Айыы Тойон аатын.
2Алгыс буоллун Айыы Тойон аатыгар
аны мантан инньэ үйэлэр тухары.
3Айхаллана турдун Айыы Тойон аата
илинтэн арҕааҥҥа диэри.
4 Айыы Тойон бары норуоттар үрдүлэринэн турар;
Кини албан аата халлааннары аһара барар.
5Ким баарый биһиги Айыы Тойон Таҥарабытыгар холоонноох?
Ким Кини курдук, үөһэ турар бүрүстүөлүттэн
6сири-халлааны сиксигинэн көрө-истэ олороруй?
7Кини дьадаҥыны сиртэн-буортан өрө тардар,
кыраны-хараны киртэн-хахтан таһаарар,
8итиэннэ кинини кинээстэри кытта,
норуотун кинээстэрин кытта биир кэккэҕэ олордор.
9Кини оҕото суох дьахтары, дьиэ-уот тэрийэн,
оҕолоруттан үөрэр ыал ийэтэ оҥорор.
Аллилуия.

Iliyochaguliwa sasa

Саалтыр 112: СБК

Kuonyesha

Shirikisha

Nakili

None

Je, ungependa vivutio vyako vihifadhiwe kwenye vifaa vyako vyote? Jisajili au ingia