1
Аман өһө 11:25
Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ
СБК
Байым илиилээх баайдык олоруоҕа, утаппыт утаҕын ханнарааччы уута суох хаалыа суоҕа.
Linganisha
Chunguza Аман өһө 11:25
2
Аман өһө 11:24
Сорох дэлэйдик бэрсэр эрээри, эбии байар-тайар, сорох, сиэри таһынан кэччэйэрин үрдүнэн, дьадайар.
Chunguza Аман өһө 11:24
3
Аман өһө 11:2
Улаханнык сананыаҥ – саакка-суукка барыаҥ; муударай киһи сэмэй.
Chunguza Аман өһө 11:2
4
Аман өһө 11:14
Үтүө сүбэтэ-амата суох норуот сатарыйар, оттон сүбэһит элбэҕэр быыһанар.
Chunguza Аман өһө 11:14
5
Аман өһө 11:30
Көнө быһыы үүнүүтэ – олох Аал луук маһа; муударай киһи дьон кутун тутар.
Chunguza Аман өһө 11:30
6
Аман өһө 11:13
Хобу-сиби таһааччы дьон кистэлэҥин ускайдыыр, оттон эрэллээх киһи ону харыстыыр.
Chunguza Аман өһө 11:13
7
Аман өһө 11:17
Үтүө санаалаах бэйэтигэр үтүөнү оҥостор, хаҕыс майгылаах бэйэтигэр алдьархайы ыҥырар.
Chunguza Аман өһө 11:17
8
Аман өһө 11:28
Баайыгар эрэнээччи эстиэҕэ, оттон үтүө киһи киил мастыы чэлгийиэҕэ.
Chunguza Аман өһө 11:28
9
Аман өһө 11:4
Таҥара уордайар күнүгэр баайыҥ-дуолуҥ эйигин абырыа суоҕа, оттон көнө быһыыҥ өлөртөн өрүһүйүөҕэ.
Chunguza Аман өһө 11:4
10
Аман өһө 11:3
Көнө киһини ыраас сигилитэ сирдиэҕэ, оттон уодаһыннааҕы уодаһына өлөрүөҕэ.
Chunguza Аман өһө 11:3
11
Аман өһө 11:22
Кыраһыабай гынан баран, акаары дьахтар таныытыгар кыһыл көмүс көлөөскөлөөх сибиинньэ кэриэтэ.
Chunguza Аман өһө 11:22
12
Аман өһө 11:1
Айыы Тойон албын ыйааһыны абааһы көрөр, Кини көнө атыыны-тутууну сөбүлүүр.
Chunguza Аман өһө 11:1
Nyumbani
Biblia
Mipango
Video