Logo YouVersion
Îcone de recherche

Саалтыр 12

12
1Хуор салайааччытыгар. Давид псалома.
2Хаһааҥҥа диэри, Айыы Тойон?
Букатын умуннуоҥ Эн миигин?
Хаһааҥҥа диэри миигиттэн сирэйгин кистиигин?
3Хаһааҥҥа диэри мин, дууһабар араас сүбэни бэрийэн,
күннэри-түүннэри сүрэхпин кутурҕаҥҥа эмтэрэбин?
Хаһааҥҥа диэри өстөөҕүм үрдүбэр үҥкүүлүүр?
4Көр-иһит миигин, Айыы Тойон Таҥарам!
Өлөр уубар утутума – көрөр харахпын сырдат;
5иннин ыллым ээ диэн, өстөөҕүм миигин сэтэрээбэтин,
бүдүрүйэрбин көрөн, өһөгөйдөөҕүм китиэркээбэтин.
6Эн бигэ тапталгар мин эрэнним;
сүрэҕим, Эйиэхэ өрүһүйтэрэн, үөрүөҕэ.
Миэхэ үтүөнү оҥорбутун иһин,
мин Айыы Тойоҥҥо ыллыаҕым.

Sélection en cours:

Саалтыр 12: СБК

Surbrillance

Partager

Copier

None

Tu souhaites voir tes moments forts enregistrés sur tous tes appareils? Inscris-toi ou connecte-toi