Саалтыр 60
60
1Хуор салайааччытыгар. Устурууналаах инструмент доҕуһуолунан. Давид псалома.
2Айыы Таҥара, иһит мин үөгүлүүр саҥабын,
болҕой Эйиэхэ үҥэрбин.
3Санньыар санааттан сүрэҕим айманан,
сир уһугуттан Эйигин ыҥырабын.
Оо, сирдээн таһаар дуу миигин үөһэ
урут кыайан дабайбатах туруук хайабар;
4Эн буолаҕын эбээт мин суон дурдам,
өстөөхтөн быыһанар халыҥ хаххам.
5Эн Дьиэҕэр мин үйэлэр тухары олоруум,
Эн кынатыҥ хаххатыгар хорҕойуум. Села
6Айыы Таҥара, мин мэктиэ тылбын Эн иһиттиҥ,
Эн ааккыттан толлор дьон нэһилиэстибэтин миэхэ биэрдиҥ.
7Ыраахтааҕы үйэтин уһат;
кини олоҕо көлүөнэттэн көлүөнэҕэ салҕаныахтын.
8Үйэлэр тухары кини Таҥара иннигэр сырыттын;
Эн бигэ тапталыҥ уонна кырдьыгыҥ
кинини араҥаччылыахтыннар.
9Күн аайы мэктиэ тылбын толорон,
мин үйэм тухары Эн ааккар ыллыам.
Pilihan Saat Ini:
Саалтыр 60: СБК
Sorotan
Bagikan
Salin
Ingin menyimpan sorotan di semua perangkat Anda? Daftar atau masuk
© Институт перевода Библии, 2008-2022

:
Sorotan
Bagikan
Salin
Ingin menyimpan sorotan di semua perangkat Anda? Daftar atau masuk
© Институт перевода Библии, 2008-2022