1
Матфей 16:24
Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ
СБК
Онтон үөрэнээччилэригэр эппитэ: «Ким Миигин батыһыан баҕарар, ол бэйэтиттэн аккаастаннын, уонна кириэһин ылан, Миигин батыстын.
對照
Матфей 16:24 探索
2
Матфей 16:18
Ол иһин Мин эйиэхэ этэбин: Эн – Петргын, онон бу таас үрдүгэр Мин Сиэркэппин туруоруом, оччоҕуна үтүгэн түгэҕин да күүстэрэ кинини хотуохтара суоҕа.
Матфей 16:18 探索
3
Матфей 16:19
Мин эйиэхэ Халлаан Саарыстыбатын күлүүстэрин биэриэҕим: эн сиргэ тугу баайбытыҥ – Халлааҥҥа бааллыаҕа; сиргэ тугу сүөрбүтүҥ – Халлааҥҥа сөллүөҕэ».
Матфей 16:19 探索
4
Матфей 16:25
Ким олоҕун быыһыан баҕарбыт – олоҕун сүтэриэҕэ, оттон ким олоҕун Мин туспар сүтэрбит – олоҕун булуоҕа.
Матфей 16:25 探索
5
Матфей 16:26
Киһи бүтүн аан дойдуну да баһылаан туран, бэйэтин олоҕор хоромньуну оҥоһуннаҕына, ол баһылаабыта киниэхэ туох туһалаах буолуой? Бэйэтин олоҕун киһи тугунан толуйан ылыаҕай?
Матфей 16:26 探索
6
Матфей 16:15-16
«Оттон эһиги Миигин ким диигитий?» – Иисус ыйыппыта. «Эн – Христоскун, Тыыннаах Таҥара Уолаҕын», – диэбитэ Симон Петр.
Матфей 16:15-16 探索
7
Матфей 16:17
Иисус эппитэ: «Эн алгыстаах киһигин, Иона уола Симон! Маны эйиэхэ дьон буолбатах, Халлааҥҥа баар Аҕам арыйбыта.
Матфей 16:17 探索
主頁
聖經
計劃
影片