Саалтыр 150

150
1Аллилуия.
Айхаллааҥ Таҥараны Кини сибэтиэй Дьиэтигэр;
айхаллааҥ Кини күүһүн кэрэһилиир киэҥ халлааныгар.
2Айхаллааҥ Кинини улуу дьайыыларын иһин;
айхаллааҥ сүдү килбиэнин кэриҥинэн.
3Айхаллааҥ Кинини турба тыаһынан,
айхаллааҥ арфа, лира доҕуһуолунан.
4Айхаллааҥ Кинини тимпаннаах үҥкүүнэн;
айхаллааҥ, устуруунаны тардан, флейтаны үрэн.
5Айхаллааҥ Кинини лыҥкынас кимвалларынан,
айхаллааҥ киҥкинэс кимвалларынан.
6 Айыы Тойону айхаллыахтын тыынар тыыннаах барыта.
Аллилуия.

Выделить

Поделиться

Копировать

None

Хотите, чтобы то, что вы выделили, сохранялось на всех ваших устройствах? Зарегистрируйтесь или авторизуйтесь