Саалтыр 145

145
1Аллилуия.
2Айхаллаа, дууһам миэнэ, Айыы Тойону!
3Баарым тухары Айыы Тойону айхаллыам;
тыыннааҕым тухары Таҥарабар ырыа ыллыам.
Эрэнимэҥ кинээстэргэ, кимиэхэ даҕаны –
кинилэр эһигини быыһыахтара суоҕа.
4Тыына быһынна да, киһи сиргэ төннөр,
тугу торумнаабыта барыта ол күн үрэллэр.
5-6Дьоллоох даҕаны Иаков Таҥарата көмөлөһөр киһитэ!
Кини сири-халлааны, муораны,
онно баары барытын айбыт,
үйэлэр тухары итэҕэллээх
Айыы Тойон Таҥаратыгар эрэмньилээх.
7 Айыы Тойон күөмчүлэммити көмүскүүр,
ааспыты-туорбуту аһатар.
Айыы Тойон хаайыылааҕы босхолуур,
8 Айыы Тойон көрбөтү көрөр оҥорор,
Айыы Тойон бүк түспүтү көннөрөр,
Айыы Тойон көнө дьону таптыыр.
9Кини кэлии дьону араҥаччылыыр,
тулаайаҕы, огдообону өйүүр-убуур,
оттон нэгэйдэр суолларын муҥур уһуктуур.
10 Айыы Тойон үйэттэн үйэҕэ ыраахтааҕылыаҕа,
Сион, эн Таҥараҥ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ салайыаҕа.
Аллилуия.

Выделить

Поделиться

Копировать

None

Хотите, чтобы то, что вы выделили, сохранялось на всех ваших устройствах? Зарегистрируйтесь или авторизуйтесь