Саалтыр 2

2
1Давид псалома.
Тоҕо норуоттар айманаллар,
омуктар кураанахха куомуннаһаллар?
2Сир ыраахтааҕылара сэриилэһээри тэринэллэр,
кинээстэр бииргэ түмсэн киксэллэр,
Айыы Тойону уонна Кини Ыраахтааҕытын утараннар:
3«Сыаптаабыттарын быһа тардыахха,
бохсубуттарын булгу охсуохха!» – дэһэллэр.
4Халлааннарга Олорооччу күлэр,
Айыы Тойон кинилэри элэк оҥостор.
5Онтон Кини абаран-сатаран этиэҕэ,
уордайан, кинилэри уолутуоҕа:
6«Мин Бэйэм талбыт Ыраахтааҕыбын
сибэтиэй хайам Сион үрдүнэн туруорбутум».
7 Айыы Тойон ыйааҕын Мин иһитиннэриэм:
Кини эттэ: «Эн Миэхэ Уолум буолаҕын,
Мин бүгүн Эйигин төрөттүм;
8Миигиттэн көрдөс – Мин Эйиэхэ бары норуоттары биэриэм,
сири, сиксигиттэн саҕалаан, Эйиэхэ бас биллэриэм.
9Эн кинилэри тимир торуосканан сууһартыаҥ,
күөс охсооччу иһитинии үлтүрүтэлиэҥ».
10Онон билигин, ыраахтааҕылар, өйдөнүҥ;
сир судьуйалара, эһиги үөрэниҥ.
11 Айыы Тойоҥҥо куттанан туран үлэлээҥ,
Кини иннигэр долгуйан туран үөрүҥ-көтүҥ;
12Уолугар эһиги сүгүрүйүҥ#2:12 Былыргы еврей тылынан суруллубут тиэкис ис хоһооно манна чуолкайа суох.
Кинини кыыһырдан суолга быстарбат туһугар,
бэрт сотору Кини уора-кылына уоттуу оргуйуоҕа.
Киниэхэ эрэнээччилэр бука бары дьоллоохтор.

Tällä hetkellä valittuna:

Саалтыр 2: СБК

Korostus

Jaa

Kopioi

None

Haluatko, että korostuksesi tallennetaan kaikille laitteillesi? Rekisteröidy tai kirjaudu sisään

YouVersion käyttää evästeitä mukauttaakseen käyttökokemustasi. Käyttämällä verkkosivustoamme hyväksyt evästeiden käytön Tietosuojakäytännössämme kuvatulla tavalla