1
Иоанн 15:5
Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ
СБК
Мин умнаспын, оттон эһиги лабааларгыт. Миэхэ баар киһи, Мин эмиэ киниэхэ буоллахпына, элбэх аһы биэрэр. Эһиги Миигинэ суох тугу да гынар кыаххыт суох.
Vertaa
Tutki Иоанн 15:5
2
Иоанн 15:4
Эһиги Миэхэ буолуҥ, Мин эмиэ эһиэхэ буолуом. Лабаа умнаска буолбатаҕына, бэйэтэ астамматын курдук, эһиги Миэхэ буолбатаххытына, эмиэ кураанах буолуоххут.
Tutki Иоанн 15:4
3
Иоанн 15:7
Оттон Миэхэ буоллаххытына, Мин этэр тылбын сүрэххитигэр иҥэриннэххитинэ, эһиги тугу баҕараргытын көрдөһүҥ – ол барыта эһиэхэ бэриллиэҕэ.
Tutki Иоанн 15:7
4
Иоанн 15:16
Миигин эһиги талбатаххыт – Мин Бэйэм эһигини талан ылбытым; баран туһаны аҕаларгыт, ол туһаҕыт үйэлэргэ барарын туһугар, итиэннэ Мин ааппын ааттаан туран Аҕабыттан тугу баҕарар көрдөстөххүтүнэ, Кини ону биэрэрин туһугар, Мин эһигини туруорбутум.
Tutki Иоанн 15:16
5
Иоанн 15:13
Саамай улахан таптал – киһи доҕотторун туһугар олоҕун толук уурара.
Tutki Иоанн 15:13
6
Иоанн 15:2
Мин ас биэрбэт хас биирдии лабаабын Кини быһан ылан быраҕар, оттон ас биэрэр хас биирдии лабаабын, өссө элбэх аһы биэрдин диэн, ыраастыыр.
Tutki Иоанн 15:2
7
Иоанн 15:12
Бу баар Мин кэриэһим: Мин эһигини таптаабытым курдук, эһиги эмиэ бэйэ-бэйэҕитин таптааҥ.
Tutki Иоанн 15:12
8
Иоанн 15:8
Эһиги элбэх аһы биэрдэххитинэ, Мин үөрэнээччилэрим буоллаххытына, Аҕам онон албан аатырыаҕа.
Tutki Иоанн 15:8
9
Иоанн 15:1
Мин дьиҥнээх виноград умнаһынабын, оттон Аҕам – виноград үүннэрээччи.
Tutki Иоанн 15:1
10
Иоанн 15:6
Ким Миэхэ буолбатах – лабаа курдук, киэр быраҕыллан куура хатыаҕа; оннук лабааны хомуйан ылан, уокка быраҕаллар.
Tutki Иоанн 15:6
11
Иоанн 15:11
Маны – Мин үөрүүм эһиэхэ бэриллэн, эһиги сүрэххитин толорорун туһугар – эттим.
Tutki Иоанн 15:11
12
Иоанн 15:10
Мин Аҕам ыйбытын толороммун Кини тапталыгар олорорум курдук, эһиги эмиэ Мин ыйбыппын толордоххутуна, Мин тапталбар олоруоххут.
Tutki Иоанн 15:10
13
Иоанн 15:17
Мин кэриэһим бу баар: эһиги бэйэ-бэйэҕитин таптааҥ.
Tutki Иоанн 15:17
14
Иоанн 15:19
Эһиги бу дойду эбиккит буоллар, кини бэйэтин дьонун таптыа этэ; бу дойду буолбатаххыт иһин, мантан эһигини Мин талан ылбытым иһин, кини эһигини абааһы көрөр.
Tutki Иоанн 15:19
Koti
Raamattu
Suunnitelmat
Videot