Logo de YouVersion
Icono de búsqueda

Саалтыр 53

53
1Хуор салайааччытыгар. Устурууналаах инструмент доҕуһуолунан. Давид үөрэтиитэ. 2Зифейдэр Саулга кэлэн «Давид биһиэхэ саһан сылдьар эбит буолбат дуо?» диэбиттэригэр.
3Айыы Таҥара, Бэйэҥ ааккынан миигин быыһаа,
модун кыаххынан мин кырдьыкпын таһаар.
4Айыы Таҥара, иһит мин үҥэрбин,
болҕой Эйиэхэ этэрбин.
5Туора дьон миигин утары өрө турдулар,
күүстээхтэр мин дууһабар суудайдылар;
кинилэр иннилэригэр Таҥараны көрбөттөр. Села
6Ол эрэн миэхэ Таҥара көмөлөһөр,
Айыы Тойон мин куппун-сүрбүн бөҕөргөтөр.
7Өстөөхтөрүм өһүөннэрин Кини иэстиэҕэ;
Эн кинилэри кырдьыгыҥ күүһүнэн имири эс.
8Ис сүрэхпиттэн мин Эйиэхэ сиэртибэ биэриэм,
Эн үтүөкэннээх ааккын, Айыы Тойон, албан аатырдыам.
9Эн миигин бары иэдээнтэн өрүһүйдүҥ,
онон мин өстөөхтөрбүн өрөгөйдүү көрдүм.

Actualmente seleccionado:

Саалтыр 53: СБК

Destacar

Compartir

Copiar

None

¿Quieres tener guardados todos tus destacados en todos tus dispositivos? Regístrate o inicia sesión