Аман өһө 8
8
Дириҥ муударас ыҥырыыта
1Истиҥ эрэ, Дириҥ муударас ыҥырар саҥата иһиллэр,
кини оттомноох куолаһа эҥсиллэр буолбатах дуо?
2Айан суолун үрдүнэн томтор оройугар ыттан,
арыт икки суол быһа охсуһуутугар тиийэн,
3арыт куорат олбуорун айаҕар – тастан киирэ түһүүгэ кэлэн –
кини ааһан иһээччилэргэ амалыйар:
4«Мин эһигини бар дьону ыҥырабын,
эһиэхэ киһи аймахха туһулаан этэбин!
5Кэнэннэр, мындыр буола үөрэниҥ,
тутах өйдөөхтөр, тобуллаҕас толкуйданыҥ!
6Истиҥ мин дьоһуннаах суоллары этэрбин:
мин эһиэхэ кырдьыгы эрэ биллэрэбин,
7дьиҥи эрэ иһитиннэрэбин эбээт,
албын-көлдьүн тылтан сиргэнэбин.
8Онон мин этэрим барыта кырдьыктаах –
албыны-түөкэйи, сымыйаны саҥарбаппын.
9Өйдөөх киһи истэригэр, мин этэрим барыта дьэҥкэ,
билиилээх киһиэхэ – барыта тиийимтиэ.
10Эһиги мин үөрэтэр үөрэхпин үрүҥ көмүстээҕэр өрө тутуҥ,
мин биэрэр билиибин ыраас кыһыл көмүстээҕэр ордоруҥ.
11Муударас – ханнык да бэйэлээх эриэккэс таастааҕар күндү;
бу дойдуга эһиги баҕара саныыргытыттан киниэхэ тэҥнэһэр кыахтаах суох.
12Мин, Дириҥ муударас, мындыр өйү кытта бииргэ олоробун,
бигэ билии, олохтоох толкуй эмиэ миэхэ бааллар.
13 Айыы Тойоҥҥо ытыктабыл – кири-дьайы абааһы көрүү.
Улаханнык сананыы, бэрдимсийии, мөкү суол-иис,
албын-көлдьүн тыл – бу барыта мин абааһы көрөр суолум.
14Миэхэ баар сүбэ-ама, миэхэ баар ситиһии,
мин өркөн өйбүн, бар дьоҥҥо күүһү-уоҕу эмиэ мин биэрэбин.
15Мин көмөбүнэн ыраахтааҕылар ыраахтааҕылыыллар,
баһылыктар кырдьыктаах сокуоннары таһаараллар,
16бары норуоттар сирдьиттэрэ,
кинээстэр, сир судьуйалара бука бары мин көмөбүнэн салайаллар.
17Миигин таптыыр киһини мин эмиэ таптыыбын;
ким миигин дьулуһан туран көрдүүр, ол булуоҕа.
18Баай-дуол, үтүө аат-суол,
уостубат уйгу быйаҥ уонна көнө дьүүл – барыта миэхэ баар.
19Мин бэлэҕим кыһыл көмүстээҕэр, тоҥ көмүстээҕэр да, ордук,
мин ыраас үрүҥ көмүстээҕэр күндүбүн.
20-21Миигин таптааччылары байытан биэрэр,
кинилэр күндү баайдарын толоро турар туһугар,
мин кырдьык аартыгынан сылдьабын,
көнө дьүүл суолун тутуһабын.
22 Айыы Тойон аан бастаан, атын тугу да айыан иннинэ,
айанын аартыгар миигин туруорбута.
23Мин үллэр үйэлэр иннилэринэ,
былыр-былыр, аан дойду айыллыан инниттэн баар буолбутум,
24улаҕатын урсуна көстүбэт улуу байҕал,
устата-туората биллибэт уу төрдө үөскүөн иннинэ төрөөбүтүм.
25Ол саҕана өссө ханнык да таас хайа,
ханнык да буор булгунньах оҥоһулла илигэ,
26сир-дойду кэтит киэбэ, киэҥ сыһыылар,
бэл диэтэр, биир ытыс буор кытта айылла иликтэрэ.
27 Айыы Тойон халлааннары бэлэмнииригэр онно мин эмиэ баарым;
Кини киэҥ далайы кырыйа саҕах иитин чэрчилии тардарыгар,
28халҕаһа былыттары кыраман үрдүккэ өрө үтэйэн таһаарарыгар,
улуу муоралары угуттуур уу төрдүн аһарыгар,
29ыйбыппын аһара диэлийбэтин диэн,
байҕал кытылын бэлиэтээн биэрэригэр,
сир акылаатын түһэрэригэр –
30мин, мындыр маастар#8:30 …маастар – Эбэтэр, кыра оҕо. курдук, Айыы Тойоннуун бииргэ сылдьарым,
Кинини күннэтэ үөрдэрим;
Айыы Тойонум иннигэр мин үөрэр-көтөр эрэ этим –
31Кини сирин эйгэтин көрөн өрө көтөҕүллэрим,
киһи аймаҕы анааран өрөгөйдүүр буоларым.
32Дьэ онон, оҕолоруом, миигин истиҥ:
ким мин суолбун тутуһар, ол дьоллоох.
33Эһиги мин үөрэтэрбин ылынан, муударай дьон буолуҥ,
эппиппин барытын бигэтик тутуһуҥ.
34Ким күннэтэ мин олбуорум айаҕар кэлэн турар,
мин олорор дьиэм ааныттан хараҕын араарбакка,
миигин өйдөөн-дьүүллээн истэр, ол дьоллоох.
35Тоҕо диэтэххэ, миигин булар киһи олоҕу булар,
Айыы Тойон илгэлээх үтүөтүгэр тиксэр.
36Оттон ким миигин утарар, ол бэйэтигэр куһаҕаны оҥостор;
ким миигин абааһы көрөр, ол өлөр өлүүнү таптыыр».
Okuqokiwe okwamanje:
Аман өһө 8: СБК
Qhakambisa
Dlulisela
Kopisha
Ufuna ukuthi okuvelele kwakho kugcinwe kuwo wonke amadivayisi akho? Bhalisa noma ngena ngemvume
© Институт перевода Библии, 2008-2022