YouVersion 標識
搜索圖示

Саалтыр 14

14
1Давид псалома.
Айыы Тойон, ким олорор кыахтааҕый Эн ытык Отуугар?
Ким олохсуйар кыахтааҕый Эн сибэтиэй хайаҕар?
2Эҥкилэ суох көнө суоллаах, кырдьыгы тутуһар,
дьиҥи эрэ ис сүрэҕиттэн этэр,
3кими да баһааҕырдан саҥарбат,
доҕотторугар куһаҕаны оҥорбот,
ыалын утары хобу-сиби ылыммат киһи;
4Таҥараны кэлэппиттэри кэлэйэ көрөр,
Айыы Тойонтон куттанааччылары өрө тутар,
андаҕарын, ыараханын да иһин, кэспэт,
5харчытын бырыһыаҥҥа иэс биэрбэт,
буруйа суоҕу холуннарарга бэрик ылбат киһи.
Маннык быһыылаах киһи хаһан да тулхадыйыа суоҕа.

醒目顯示

分享

複製

None

想要在所有設備上保存你的醒目顯示嗎? 註冊或登入