Саалтыр 66

66
1Хуор салайааччытыгар. Устурууналаах инструмент доҕуһуолунан. Псалом. Ырыа.
2-3Айыы Таҥара, сиргэ Эн суолгун билэллэрин,
бары норуоттар Эн быыһыыргын көрөллөрүн туһугар,
Эн бигэ тапталыҥ, Эн алгыһыҥ биһигини арыаллыахтын,
Эн сирэйиҥ сырдыга биһиэхэ сыдьаайыахтын. Села
4Айхал эттиннэр Эйиэхэ норуоттар, Айыы Таҥара;
айхал эттиннэр Эйиэхэ бары норуоттар.
5Омуктар, үөрэ-көтө, өрөгөй ырыатын ыллаатыннар:
Эн норуоттары көнөтүк дьүүллүүгүн,
сир омуктарын салайаҕын. Села
6Айхал эттиннэр Эйиэхэ норуоттар, Айыы Таҥара,
Айхал эттиннэр Эйиэхэ бары норуоттар.
7Сир уйгу-быйаҥын биэрдэ,
Таҥара, Айыы Таҥарабыт, биһигини алҕаата.
8Таҥара алгыһа биһиэхэ тосхойо туруохтун;
сир уһуга барыта Киниттэн сүгүрүйэ толлуохтун.

醒目顯示

分享

複製

None

想在你所有裝置上儲存你的醒目顯示?註冊帳戶或登入