1
Марк 4:39-40
Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ
СБК
Кини туран тыалы буойан муораҕа: «Уурай, тохтоо!» – диэтин кытта, сонно тута тыал сэллээн, улуу чуумпу буолбута. Онуоха Иисус эппитэ: «Эһиги тоҕо маннык куттаҕаскытый? Итэҕэлгит хайдах суоҕуй?»
對照
Марк 4:39-40 探索
2
Марк 4:41
Үөрэнээччилэр, ис-истэриттэн куттанан кэлэн: «Кимий – бу Кини? – дэһиспиттэрэ. – Тыал да, муора да тоҕо Киниэхэ бас бэринэллэрий?»
Марк 4:41 探索
3
Марк 4:38
Кини бу кэмҥэ олбоҕу сыттанан, куормаҕа утуйа сыппыта. Үөрэнээччилэрэ уһугуннаран: «Үөрэтээччи! Биһиги өлөн эрэрбитигэр Эн кыһаммаккын дуо?» – диэбиттэрэ.
Марк 4:38 探索
4
Марк 4:24
Итиэннэ Иисус эппитэ: «Бу истибиккитин өйдөөн кэбиһиҥ: ханнык кээмэйинэн кээмэйдиигит да, эһиэхэ эмиэ оннук кээмэйинэн кээмэйдиэхтэрэ, итиэннэ эһиэхэ, истээччилэргэ, өссө эбэн биэриэхтэрэ.
Марк 4:24 探索
5
Марк 4:26-27
Итиэннэ Иисус эппитэ: «Таҥара Саарыстыбатын тугунан холобурдаан көрдөрүөххэ сөбүй? Эһиги манныгы санаан көрүҥ: киһи буорга бурдук сиэмэтин ыһар; түүнүн киһи утуйар, күнүһүн турар, оттон сиэмэтэ хайдах үүнэн иһэрин билбэт.
Марк 4:26-27 探索
6
Марк 4:23
Ким истэр кулгаахтаах истиэхтин!»
Марк 4:23 探索
主頁
聖經
計劃
影片